Аҕам саастаахтар декадалара саҕаланна
Саха сиригэр "Аҕам саастах дьон күнэ" киэн далааһыннаахтык саҕаланна. Үгэс быһытыынан хас улуус, уокурук аайы декада чэрчитинэн кэнсиэрдэр, куонкурстар, семинардар уонна да атын интэриэһинэй тэрээһиннэр ыытыллаллар. Киин куоракка Саха тыйаатырыгар "Уһун үйэлэниигэ бары бииргэ" диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл буолла.
Нина Артамонова, "Школа третьего возраста" түмсүү уһуйааччыта: "Биһиги маастар-кылааспытыгар олох уочарат. Үөрэниэн баҕалаахтар олус элбэхтэр. Оскуолаҕа нэдиэлэҕэ үстэ үөрэтэбит. 11 сыл устата үөрэттим, ол тухары кэлэ тураллар".
Таатта улууһун олохтооҕо Татьяна Огонерова Кыйы нэһилиэгэр кырдьаҕастар сэбиэттэрин салайан кэлбитэ быданнаата. Татьяна Гаврильевна декада чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ сэттиэ буолан кэллиллэр. Күн бэҕэһээ Майа сэлиэнньэтин аҕам саастаахтарын кытта көрсүбүттэрэ, бүгүн киин куоракка бэстибээлгэ кытталлар.
Татьяна Огонерова, Тыараһа нэһилиэгин "Айылгы" сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ: "Нэһилиэкпитигэр 260 кырдьаҕастаахпыт. Олор истэригэр биир тыыл бэтэрээнэ уонна 17 сэрии сылын оҕолоро бааллар. Бэйэм тигиигэ үөрэнним. Олус астынным. Итинник тэрийэллэрэ олус үчүгэй эбит".
Бэстибээл хас да былаһаакканан үлэлээтэ. Тустаах исписэлиистэр аҕам саастаах дьон үлэ буларыгар, кылгас болдьоххо анал кууруска үөрэнэллэригэр сүбэ-ама биэрдилэр, быраастар хас да хайысханан үлэлээтилэр.
Ольга Татаринова, Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническай 3№-дээх балыыһа кылаабынай бырааһа: "Элбэх интэриэһиргиир боппуростарыгар сүбэ-ама биэрэбит. Хаан батааһынын үрдээһинин уонна сүһүөх ыарыытагар үгүһү ыйыталлар".
Маны таһынан декада чэрчитинэн туһалаах семинардар, конференциялар ыытыллыахтара. Сынньанар, доруобуйаны чөлүгэр түһэрии кииннэргэ итиэннэ кыаммат кырдьаҕастарга дьиэлэригэр тиийэн көмө оҥоруохтара, эҕэрдэлиэхтэрэ.
Вероника Макарова, "Уһун үйэлэнии" киинин сэбиэдэссэйэ: "Бу декада саҕаланыыта үгэс быһыытынан араас тэрээһиннэри оҥоробут. Былырыын сынньалаҥ пааркатыгар сахалыы таҥастаах хаартыскаҕа түһэртээбиппит. Быйыл кэнсиэр буола турар".
Ил Дархан Айсен Николаев тустаах ыйааҕынан "Үйэ саас" бочуоттаах бэлиэ төлөбүрэ уон төгүл үрдээтэ, быйылгыттан 100 саастарыгар диэри тиийбит Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар биир мөлүйүөн солкуобайы биэриэхтэрэ. Онтон эһиил Дьокуускай куоракка уһун үйэлэнии киинэ аһыллара былааннанар, инникитин маннык кииннэр улуустарга тэриллэн үлэлиэхэрэ.