Бу нэдиэлэҕэ халлаан көммөт диэн сылыктыыллар
Саха сиригэр бу ааспыт өрөбүллэргэ Красноярскай кыраайтан сис былыт кэлэн арҕаа уонна киин оройуоннарга ардаҕы, былыттаах тымныы күнү-дьылы аҕалла. Саха сиринээҕи Халлаан туругун кэтээн көрөр сулууспа иһитиннэрэринэн бу кэлэр үс сууккаҕа өссө биир улахан сис былыт кэлэрин күүтэбит. Сорох улуустарга ардах, күүстээх тыал, хоту хаар түһэрэ күүтүллэр.
Саргылаана Никитина, Дьокуускайдааҕы күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа күн-дьыл туругун сылыктыыр салаатын салайааччыта: “Тыал күүһэ Ленскэй, Кэбээйи улуустарыгар 15-17м/сөк. диэри күүһүрүө. Түүҥҥү температура -2-+3. Ыраас халааҥҥа -3- -8 буолуоҕа. Күнүһүн +1- +6 кыраадыс, хоту 0- -5, соҕуруу +6 - +11”.
Күн-дьыл уларыйыыта суолга-иискэ эмиэ араас кыһалҕаны аҕалар. Маныаха суол инспиэксийэтин үлэһиттэрэ саахалы сэрэтэр инниттэн араас бэрэбиэркэлэри, рейдэри нэдиэлэ аайы тэрийэллэр.
Күһүҥҥү тоҥоруу саҕаламмытынан, суоппардар массыналарын көрүнэн, кыһыҥҥы көлөһөлөргө номнуо уларытан саҕалаатылар. Шиномонтаж үлэһиттэрэ күҥҥэ 20-чэ массыынаҕа көлөһө уларытабыт диэн кэпсииллэр.
Иван Исаев, массыына маастара: “Дьон кыстыкка бэлэмнэнэр, онон элбэх киһи уларыттарар. Уһун уочаракка турумаары эрдэттэн оҥоттороллор. Дьон бэйэлэрин куттала суох буолууларыгар кыһаллаллар”.
Сыл аайы халлаан тымныйарын кытары суол саахалын ахсаана тута эбиллэр. Ааспыт нэдиэлэ түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн аҕыс суол саахала тахсыбыта, ол түмүгүнэн сэттэ киһи араас эчэйии ылбыт, хомойуох иһин, үс киһи суорума суолланна.
Владимир Ощепков, СӨ суолга-иискэ куттал суох буолуутун хааччыйар иниспиэксийэ сырдатар үлэҕэ салаатын аҕа иниспиэктэрэ: “Нам оруойуонугар суол саахала таҕыста. Онно 34 саастаах суоппар уруулга итирик олорон сатыы сылдьааччыны түҥнэри көппүтэ. Ол киһи суорума суолламмыта. Иккис уол саахала Ньурба улууһугар таҕыста. 1962 сыллаах төрүөх олохтон туораата. Үһүс суол саахала жатайга бэлиэтэммитэ”.
Суолга-иискэ куттал суох буолуутун хаачыйар иниспиэксийэ суоппардары билиҥҥиттэн массыыналарын көрүнэн, кыһыҥҥы көлүөһэлэри кэтэллэрин сүбэлииллэр. Сүрүннээн суол саахала буолар түгэнигэр суоппардар уонна олорсо сылдьар дьон анал харыстыыр кура суох олоролллоро бэлиэтэнэр, онон суол иниспиэксийэтин үлэһиттэрэ массыына айанныыр кэмигэр хайаан да харыстыыр куру баанан олорорго уонна суол быраабылатын булгуччу тутуһан, түргэтээбэккэ сэрэхтээхтик айанныырга ыҥырар.