200 тыһыынча кэриҥэ бэрдьигэһи аҕаллылар
200 тыһ тахса сиэмэнэн үүннэриллибит бэс мас оҕолоро хопполорго кыстанан тураллар. Аҕыйах күнүнэн бу мастары Нам уонна Горнай улуустарыгар олордуохтара. Кырачаан бэс мастар Красноярскай кыраай питомнигар үүннэриллибиттэр. Анал тэпэлииссэҕэ көрүүгэ-харайыыга турбуттар.
Илья Соловьев, "Якутлесресурс" тэрилтэ оҥорон таһаарыыга салаатын салайааччы: «Бу кэлбит мастарбыт липпэ буорга олоро сылдьаллар. Туох баар иҥэмтэлээх эттиктэрэ барыта баар. Анал теплииссэҕэ үүннэриллибиттэр. Ол иһин быдан күүстээх буолар».
Бу кырачаан бэс мастары баһаарга эмсэҕэлээбит ойуурдары чөлүгэр түһэрэр сыаллаах олордоллор. Манна даҕатан эттэххэ, сыллата Саха сиригэр мөлүйүөнүнэн гаа иэннээх сир уокка былдьанар. Төһө да тыабыт бэйэтэ чөлүгэр түстэр, киһи бэйэтэ көрбүт-истибит, бүөбэйдээбит үүннэрии кырачаан мастара эмиэ айылҕабыт саҥа тыыннанарыгар күүс-көмө буолаллар. Маныаха араас аахсыйалар ыытылланнар туһааннаах тэрилтэ үлэһиттэрин таһынан, мас олордуутугар общественность, олохтоохтор эмиэ бэйэ кылаатын киллэрэллэр. Холобур, бу бэрт соторутааҕыта Владимировка бөһүөлэгин аттыгар баһаартан эмсэҕэлээбит тыаҕа мастары олордубуттара.
Николай Никитин, СӨ экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин ойуур харыстабылын уонна чөлүгэр түһэрии департаменын салайааччыта: «Үксэ бэс мас буолуоҕа. 1000 олорбутуттан аҥаара бэс, аҥаара тиит. Уратыта диэн Хабаровскайга баар мас үүннэрэр сиргэ Саха сирин мастарын сиэтиттэн тахсыбыт бэрдьигэстэр кэллилэр».
Даҕатан эттэххэ, билигин үксүн үүннэриллэр мастары атын регионнартан аҕалаллар. Саха сиригэр мас питомнига саҥа сайдан эрэр буолан, үүннэрэр кээмэйдэрэ кыра. Билигин Агротехнологическай университет Өктөмнөөҕү филиалыгар күүскэ ылыстылар. Оттон «Якутлесресурс» тэрилтэ аны эһиилгиттэн улахан анал тэпэлииссэ туттан мастары үүннэрэр санаалаах.
Илья Соловьев, "Якутлесресурс" тэрилтэ оҥорон таһаарыыга салаатын салайааччы: «Үлэбитин быйылгыттан саҕалаатыбыт. 12Х100 миэтэрэ иэннээх тэпэлииссэ тутуохтаахпыт. Ол аата 500 тыһыынча маска анаан. Ол онно биһиги бэйэбит хомуйбут сиэмэбитин олордуохтаахпыт. Улуустааҕы салааларбыт кыһын бэс туорааҕын хомуйуохтара. Онтон сиэмэтин араарыахпыт. Маныаха оборуудабанньа барыта ылыллан турар».
Онон инникитин өрөспүүбүлүкэбитигэр баараҕай мас питомниктара тутуллан үлэлээтэхтэринэ, бэйэбит сирбитигэр үүммүт мастартан сиэмэлэрин ылан олордон тыаны чөлүгэр түһэрии үлэтин кээмэйэ улаатыа диэн эрэл баар. Киһи айылҕаттан туһанан эрэ олоруо суохтаах, бэйэ эмиэ кини тыыннаах буоларыгар кыһаллыахтаах.