Саха сиригэр саҥа тыйаатыр сезона саҕаланан эрэр

55

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 119-с айар дьылын балаҕан ыйын 20 күнүгэр саҥардыллыбыт саалаҕа көрөөччүлэрин көрсүөҕэ. Ол курдук Саха тыйаатарыгар "Култуура" национальнай бырайыак чэрчитинэн сайын устата ис бараанын тупсарар улахан өрөмүөн, саҥардыы үлэтэ ыытыллынна. Көрөөччү кириэһилэлэрэ уларыйдылар, муоста, улахан саала саҥардыллынна,  уот-күөс өттүгэр күүһүрдэ. Үлэ өссө тахсыылаах буолуо диэн тыйаатыр үлэһиттэрэ үөрэ кэпсииллэр.

Туйаара Петухова, П.А. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын үлэһитэ: «Бастакы испиктээкилбит былырыын саҥа турбут “Кэрэ көмүскэлигэр” диэн премьераны көрдөрөбүт. Ол кэннэ Саха тыйаатырыгар үгэс буолбут классика испиктээкиллэрбит: “Наара суох”, “Локуут уонна Ньургуһун”, “Учуутал” туруохтаахтар. Бу сайын турбут улахан премьерабыт “Маһары. Ыраахтааҕыга айан” испиктээкили көрдөрөбүт уонна күндү көрөөччүлэрбитин ыҥырабыт. Сайын устата Саха тыйаатырын ахтыбыт буолуохтааххыт».

Киин куоракка тыйаатыр сезонун аан бастакытынан Александр Пушкин аатынан нуучча тыйаатыра арыйыаҕа. Артыыстар репетициялара номнуо саҕаламмыта, бу бээтинсэҕэ 134-с сезонун арыйарга бэлэм. Тыйаатыр быйыл көрөөччүлэригэр биэс саҥа туруорууну бэлэмнээбит.

Быйыл Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн култуура эбийиэктэригэр саҥардыы, өрөмүөн үлэтэ барда. Саҥа тутуулар ыытыллаллар. Аллараа Бэстээххэ "Култуура" национальнай бырайыак чэрчитинэн улахан култуура дыбарыаһа тутулла турар. Саҥа тутуу бу сыл бүтүүтэ олоххо киирэрэ былааннанар.

Александр Кулешов, Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу: «2024 сылга “Моя Якутия в XXI веке” диэн үтүө дьыала хамсааһын бырагырааматынан Бөкөҕө 100 олорор миэстэлээх, Өлөчөйгө 150 миэстэлээх саҥа култуура эбийиэктэрэ үлэҕэ киириэхтээхтэр. Уонна “Култуура” нацбырайыак чэрчитинэн саамай улахан тутуубут улууспут киинигэр Аллара Бэстээххэ 3 тыһ. кв.м. иэннээх култуурунай сайдыы киинэ тутуллан киирэрин бары кэтэһэбит. Бу улууска биир аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир үйэлээх тутуу буолуохтаах».

Саҥа эбийиэк уопсай иэнэ 3 тыһ. кв.м. Манна 300 миэстэлээх саалалаах култуура киинэ, библиотека, киинэ көрдөрөр саала, оҕону үнкүүгэ-ырыаҕа дьарыктыыр, сайыннарар кылаастар баар буолуохтара. Күн бүгүн уулууска култуура эйгэтигэр, идэлэригэр бэриниилээх 500-чэкэ кэриҥэ киһи үлэлиир.

Александр Кулешов, Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу: «12 норуодунай кэллэктииптээхпит. 3 норуодунай статустаах тыйаатыр үлэлиир. Улууспут 31 нэһилиэктээх, манна бырытыгар култуура кииннэригэр уопсайа 52 тыйаатыр куруһуоктарга 650 киһи сыл эргиччи дьарыктанар».

Онтон Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра саҥа сезонун номнуо саҕалаабыта. Тыйаатыр 33-с сезонун Грознай куоракка балаҕан ыйын 8 күнүгэр арыйбыта. Саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов айымньытынан "Нуоралдьыма чараҥар" диэн туруоруутун бу ый 14 күнүгэр диэри көрдөрүө. Ол кэннэ артыыстар Ульяновскай куоракка норуоттар икки ардыларынааҕы "Бары бииргэ" диэн ааттаах бэстибээлгэ кыттыаҕа. Манна Суорун Омоллоон "Дьол чорооно" диэн айымньытын сыанаҕа туроруоҕа. Салгыы үүнэр көлүөнэ тыйаатыра "Улахан гастроль" диэн бэдэрээлинэй бырагыраама чэрчитинэн Калмыкия Өрөспүүбүлүкэтигэр турунуоҕа.