Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн суол тутуутун уонна өрөмүөнүн үлэтэ үгэннээн турар
Можаскай аатынан уулуссаҕа аспаал кутуутун үлэтэ түмүктүүр түһүмэҕэр тиийдэ. Үлэһиттэр билигин Белое Озеро ырыынагын таһыгар кутуу үлэтин үгэнигэр сылдьаллар. Болдьохтон хойутааһын бэлиэтэммэт.
Алексей Решетников: «Можайскай аатынан уулусса эбийиэгэр номнуо аспаал түмүктүүр дьапталҕатын кута сылдьаллар. Үлэһиттэр этэллэринэн, аны аныгыскы нэдиэлэ ортотугар диэри аспаал кутуутун үлэлэрэ бүтүннүү түмүктэниэхтээхтэр. Ол кэнниттэн суол уотун-күөһүн, уу сүүрэр лотоктарын бэлэмнээбиттэрин кэннитэн алтынньы ыйга эбийиэк туттарыллыаҕа».
Урут Можайскай уулусса уонна Маҕанныыр суол быһа охсуһар сиригэр сарсыарда, киэһээ ахсын массыына элбэҕиттэн сылтаан айан уустугурар, ардыгар суол олох турар эбит буоллаҕына, билигин айан суола кэҥээн уонна круговой эбиллэн балаһыанньа хас да бүк тубуста.
Дьулустаан Тартакынов, Можайскай аатынан уулусса суолугар ыытыллар үлэ учаастагын салайааччыта: «Билигин кыра үлэлэр син бааллар. Барьер, уот тардыыта уонна уу ааһар лотоктарын оҥоруута хаалла. Эбийиэк устата 2.19 км. Бүгүҥҥү күҥҥэ 75% бэлэммит».
"Куттала суох хаачыстыбалаах айан суоллара" бырайыак чэрчитинэн быйыл киин куоракка 21 суол өрөмүөннэнэр. Бүлүүлүүр перулок уонна Винокуров аатынан уулуссаҕа номнуо үлэлэр түмүктэнэннэр эбийиэктэр туттарылыннылар.
Афанасий Александров, "Главстрой" тэрилтэ салайааччытын солбуйааччы: «Уопсай уһуна 31,5 км. Онтон 17 км. биһиэхэ аспаал, 13,5 км. грунтовой суол. 7 эбийиэккэ аспаал кутуута бүтэн турар. Балаҕан ыйын бүтүүтгэр 13 эбийиэк түмүктэниэхтээх».
Бэдэрээльнэй суолталаах суоллар туруктарыгар эмиэ улахан болҕомто ууруллар. "Бүлүү" федеральнай суол салалтата саҥаттан оҥоруу, өрөмүөн уонна хапытаалынай өрөмүөн үлэлэрин Халыма уонна Бүлүү суолларыгар ыытар. Ол курдук быйыл 68 килэмиэтири туттарыахтаах.
Евгений Бугуев, "Бүлүү" федеральнай суол Салалтатын салайааччытын солбуйааччы: «Быйыл саамай ыарахан Томпо улууһугар 28 км. уһуннаах учаастак буолар. Ол учаастагы быйыл бүтэрэбит уонна киллэрэбит».
Айанньыттарга сүрүн кыһалҕаны ардах түстэ да Таатта суола үөскэтэр. Үлэһиттэр этэллэринэн суол 71 быраһыана өр сыллар тухары өрөмүөннэммэккэ турар. Маныаха суолу саҥаттан оҥоруу 6 бырайыгыттан 4 бэлэм, билигин экспертиза ыытыллар. Онон Таатта суолугар аспаал кутар былааҥҥа баар.
Евгений Бугуев, "Бүлүү" федеральнай суол Салалтатын салайааччытын солбуйааччы: «Аспаал кутан Чурапчыга дылы тиийбиппит. Таатта Ытык Күөлүгэр дылы барар былааннаахпыт».
Суоллары таһынан өрүстэри, үрэхтэри туоруур муосталары чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ ыытылла тураллар. Ол курдук быйыл Өймөкөөҥҥө Куйдуһуну уонна Алчааны туоруур муосталары олоххо киллэрдилэр.
Анатолий Потапов, СӨ транспорт уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччыта: «Билигин өссө эбии Чуоналыыр муостата Анабаар суолугар уонна Хатыҥ Үрэх Кэбээйи суолугар. Ону тэҥэ Анабаар суолугар Бүлүү муостатын туорааһынын өрөмүөнэ буола турар уонна Өймөкөөн улууһугар. Ити эбийиэктэргэ эмиэ үлэ бара турар уонна чөлүгэр түһүөхтэрэ диэн этэбит».
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн өрөмүөн үлэлэрэ бэрт тэтимнээхтик, болдьохтон хойутаабакка баран иһэллэр. Аны маҥнайгы хаар түһүөр диэри быйылгы сылга былааннаммыт үлэ барыта ситэн-хотон бэлэм буолуоҕа.