Саха сиригэр олохтоох оҥорон таһаарыы хаачыстыбатын үрдэтиигэ болҕомто улаатар

67

Анал химик үөрэхтээх инженердэр Саха сиригэр оҥоһуллан тахсар аһы-үөлү чинчийэллэр, хаачыстыбатын баһаараллар.  Састаап, иҥэмтиэ, уопсайынан, бородууксуйа атыылаһааччы илиитигэр тиийиэн иннинээҕи бэрэбиэркэ бары көрүҥэ бу лаборатория иһигэр, биир сиргэ оҥоһуллар. Маннык улахан кыахтаах киин Уһук Илиҥҥэ соҕотох. Күһүн буолан чинчийиигэ сир аһыттан бородууксуйалар хото киирэллэр. Холобур, барыанньа хаачыстыбатыгар ирдэбил туһунан. 

Айталина Яковлева, Ас-үөл технологиятын киинин аҕа лаборана: «Барыанньа физико-химическэй свойстваларын көрө сылдьабыт. Билигин сахарын көрө турабын, рефрактометр диэн аппараты туһанаммын сахар нуорумаҕа киирсэрин көрөбүн. Сиигин, углеводун уонна белогун көрөбүт өссө».

Киин ас-үөл хаачыстыбатын үрдэтэр, аһылык куттала суох буолуутун хааччыйар сыалтан сыллата күһүн аайы күрэх ыытар. Манна олохтоох оҥорон таһаарааччылар хаачыстыбаҕа күрэхтэһэллэр. Билигин бородууксуйаны тутуу бара турар. Бу Горнайга оҥоһуллар уулаах отонтон пастила кэлбит.

Ульяна Дегтярева, Ас-үөл технологиятын киинин инженер-лаборана: «Биһиэхэ хаһаайыстыбалар бородууксуйаларын туттараллар. Холобура, пастила, үүт, балык, эт. Ону биһи 3 чинчийии оҥоробут: органолептическэй, микробиология уонна физико-химия».

Онтон күрэх кыайыылаахтара тыа хаһаайыстыбатын күһүҥҥү дьаарбаҥкатыгар биллиэхтэрэ. Ас хаачыстыбатын бэрэбиэркэлиир лабораторияҕа сылга ортотунан 500-600 боруобаны олохтоох оҥорон таһаарааччылар туттараллар. Манна уопсайа 183 көрүҥ анализ оҥоһуллар.  Олортон биир сүрүннэрэ - иһэр уу хаачыстыбатын бэрэбиэркэ. Үрдүкү кылаастаах чинчийэр аппараакка туһааннаах чинчийии барар.

Яна Борисова, Ас-үөл технологиятын киинин инженер-химигэ: «Уу хаачыстыбата СанПинынан бачча буолуохтаах диэн сурулла сылдьар, онно эппиэттиирин көрөбүт. Туох эрэ компонена элбэх эбэтэр тиийбэт буолуон сөп. Ким баҕар кэлэн бэрэбиэркэлэтиэн сөп. Сүрүнүн оскуолалар, уһуйааннар туттар ууларын аҕалан көрдөрөллөр».

Оттон бу микробиология курдук уустук аналиһы оҥорор салаа. Манна бородууксуйаҕа киһи доруобуйатыгар буортулаах эттиктэри чинчийииттэн саҕалаан төһө ыраас иһиккэ астаммытыгар тиийэ быһаараллар. Оттон аттынааҥы хосхо ынах арыытын хаачыстыбата уустук аналиһы ааһар. манна, бастатан туран, састаап, сыатын бырыһыана бигэргэнэр. Киин биир сүрүн хайысхата оҕо аһын хаачыстыбата. Маныаха өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын сорудаҕынан оскуолаларга чинчийиилэри ыыталлар.

Розаида Гудуева, Ас-үөл технологиятын киинин салайааччы: «Сыл аайы оскуолалар, уһуйааннар астарын бүтүннүү көрөбүт. Куорат оскуолаларын бүтэрбиппит. Бу күннэргэ Уус Алдаҥҥа баран тураллар, кэлэр нэдиэлэттэн Сунтаарга, Мииринэйгэ барыахтаахтар».

Күһүҥҥү дьаарбаҥка кэмигэр киин кэлэр сылга ас хаачыстыбатыгар киирэр уларыйыылары тула семинар ыытыаҕа.