Горнай улууһун нэһилиэктэрин икки ардыгар автобустар сырыылара олохтонно
Горнай улууһун нэһилиэктэрин олохтоохторо өр күүппут баҕа санаалара бу күҥҥэ туолла, ол курдук Солоҕон – Мытаах - Бэрдьигэстээх уонна Бэс Күөл – Күөрэлээх – Аһыма - Бэрдьигэстээх маршруттарынан автобустар сырыылара олохтонон, бүгүн сарсыарда маҥнайгы рейстэрин оҥордулар. Айаны улуус дьаһалтатын “Ресурснай киинэ” тэрийэн үлэлэтэр. Маннык автобустар дойду Бэрэсэдьиэнин сорудаҕынан, Ил Дархан өйөбүлүнэн улуустарга тарҕаммыттара
Степан Капитонов, Горнай улууһун дьаһалтатын "Ресурнай киинин" салайааччы: «Билиҥҥи туругунан икки тыраанспар сүүрэ сылдьар икки хайысханнан. Онтон алтынньы ыйтан өссө биир хайысха баар буолуо. Бу автобустарбыт 20 миэстэлээхтэр уонна нэһилиэкпит иһигэр кыракый автобус сүүрэ сылдьар 15 миэстэлээх».
Бэс Күөлүттэн бастакынан айаннаан кэлбит дьонтон биирдэстэрэ Макар Данилов үөрүүтэ үгүс, автобус чопчу чааһын тутуһан айанныыра, биэнсийэлээх дьоҥҥо сыаната да удамыра тыа дьонугар, ордук саастаахтарга, балыыһаҕа көрдөрүнэ киирэргэ онтон да атын наадаҕа абырал буолсу диэн санаатын үллэһиннэ.
Макар Данилов, Бэс Күөл бөһүөлэгин олохтооҕо: «Эппит кэмигэр кэлэр-барар, ылар сирэ биир чопчу. Онон кырдьаҕас дьоҥҥо олох наадалаах эбит. Суол үчүгэйэ бэрт буолан тыаһа-ууһа, сыта сымара суох дьоҥҥо сөптөөх эбит».
Солоҕон – Мытаах - Бэрдьигэстээх хайысханан сылдьар автобус 1 чаас 40 мүнүүтэнэн айаннаан кэлбит, айан сыаната Солоҕонтон 329 солкуобайга тэҥнэһэр, онтон такси сыаната 500 солк эбит. Бу маршрутка 40-ча сыл уруулу кытары доҕордоспут Солоҕон олохтооҕо Виктор Тимофеев суоппардыыр.
Виктор Тимофеев, автобус суоппара: «Нэдиэлэҕэ иккитэ сылдьабын, төлөбүрэ терминалынан, эбэтэр харчынан».
Автобуьунан айаннааччылар Бэрдьигэстээхтэн улуус дьаһалтатыгар мустан айанныахтара. Айан нэдиэлэҕэ иккитэ бэнидиэнньик уонна бээтинсэ күннэргэ нэһилиэнньэ баҕатын учуоттаан олохтонно, бу курдук тыа сирин табыгастаах сырыылара салгыы бигэтик олоххо киирэннэр, дьон күннээҕи олоҕун чэпчэтиигэ төһүү күүс буолуо.