Саха сиригэр теле-ЭКГ көмөтүнэн 12 тыһ. чинчийиини ыыттылар
Быһа сибээскэ Үөһээ Бүлүү улууһун оройуон балыыһатын терапия салаата. Ыарыһах, бырааһын кытта кэккэлии олорон өрөспүүбүлүкэтээҕи сүрэх-тымыр киинин исписэлииһигэр туругун толору кэпсииллэр. Тугу эмтэммитэ, туох көмө оҥоһуллубута, чинчийии барыта сиһилэнэр. Саамай сүрүнэ манна интернет ситимэ наадата суох, суотабай сибээс нөҥүө үлэлиир. Онон өрөспүүбүлүкэ хайа баҕар муннугуттан судургутук тахсыахха сөп.
Сүрэҕэ ыалдьан балыыһаҕа киирбит киһи киин сир исписэлиистэрин кытта быһа сибээскэ көрдөрүнүү кэннэ салгыы хайдах эмтэнэрэ быһаарыллар. Оттон туруга ыарахан дьону Дьокуускайга санавиация көмөтүнэн суһаллык аҕалаллар. Бу тэйиччиттэн үлэлиир салаа төгүрүк суукка ыарыһахтарга көмөнү оҥорор. Маныаха сүрэх-тымыр ыарыытыгар "Теле-ЭКГ" технология улахан көмөлөөх. Манна 14 Арктика уонна хоту улуустара толору холбонон олороллор, итиннэ оҥоһуллар ЭКГ-ны барытын сүрэх-тымыр киинин кардиологтара көрөллөр. Маны сэргэ өрөспүүбүлүкэ бары улуустара суһал устуулары эмиэ ыыталлар.
Лилия Мохначевская, Сүрэх-тымыр киинин тэйиччиттэн концультациялыыр киин терапевт-бырааһа: «Туох баар улуустан кэлбит суһал кардиограмманы 24/7 тохтобула суох кэтии олоробут. Суһал кардиограмманы тутатына суруйабыт уонна фельдшерга ыытабыт. Кинилэр ыыппыт улуус балыыһатыгар тахсаллар уонна анал көмөнү оҥороллор».
Маны тэҥэ сүрэх бырааһын чопчулааһынын ылаары Дьокуускай куорат итиэннэ кэккэ улуустар суһал көмө бигээдэлэрин быраастара экг-гыны эмиэ бу кииҥҥэ ыытар буоллулар. Онон улахан монитордарга быыстала суох сайаапка киирэ турар. Быраастар дьуһуурустубаннан үлэлииллэр. Бу бырайыак биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр үлэлиэҕиттэн 12 тыһ. тахса киһи чинчийии ыытылынна. Маныаха барыта 79 аппараат турда. Улуустары кытта тэйиччиттэн үлэлэһии хас да хайысхалаахтык ыытыллар. Ол курдук теле-ЭКГ, видео сибээс уонна онлайн - ыарыһаҕы көрүү.
Арина Винокурова, Сүрэх-тымыр киинин тэйиччиттэн концультациялыыр киин терапевт-бырааһа: «Телемедицина консультацията үлэлиэҕиттэн уопсайынан 8000-тан тахса киһини консультациялаатыбыт. Бу сыл бастакы аҥаарыгар 1933 консультация ыыттыбыт. Ол быыһыгар 62% суһал консультациялар. Уопсайынан сылтан сылга суһал консультация удельнай веһа улаатан иһэр, плановайдар аччыыллар».
Тэйиччиттэн ыарыһаҕы көрөр киин, ол иһигэр теле-ЭКГ кылгас кэм иһигэр сөптөөх көмөнү оҥорууга кыах биэрэр. Кэнники сылга сүрэх тымыр ыарыытыттан өлүү 10% аччаабыта бэлиэтэнэр. Онон Саха сирин сиригэр уотугар олус суолталаах бырайыак.