Өймөкөөн улууһугар уу таһыма түһэр
Өймөкөөн уонна Уус Майа улуустарыгар ыксаллааах быһыыга үрдүк таһымнаах бэлэмнэнии эрэһиимэ салҕанар. Санатан эттэххэ, манна күһүҥҥү уһун ардахтар кэннэ, нэһилиэнньэлээх пууннар ууга барар кутталлана сырыттылар.
Ол курдук Өймөкөөн улууһугар уу муҥутаан 4,70м тиийэ сырытта, тыҥааһыннаах кээмэйэ 4м 80см. Олохтоохтор бэлиэтииллэринэн, былырыын күһүн эмиэ уһун ардахтар кэннэ элбэх хорумньу тахсыбыт.
Семён Сивцев, Өймөкөөн улууһун култуура салалтатын исписэлииһэ: «Кэнники кэмнэргэ айылҕабыт бэйэтэ инник элбэх ардаҕы түһэрэн элбэх хорумньуну таһаарар. Ол курдук өссө бэдэрээлинэй суолга Үчүгэй нэһилиэгэр трасса муостатын алдьатан турар. Агайакаан уонна Тирэх Үрэх суолларын быһан билиҥҥи кэмҥэ онно дьоннор хаайтаран олороллор».
Өймөкөөн улууһун биир кэлим диспетчерскэй сулууспата бэҕэһээҥҥи киэһээҥҥи көрдөрүүтүнэн, уу таһыма түһэн эрэр. Бу сүрүннээн Өймөкөөн уонна Сордоҥноох бөһүөлэктэригэр буолаллар. Уу ытарчатыгар ылларбыт бөһүөлэктэргэ социальнай, энергетикэ уонна олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба эбийиэктэрэ тиһигин быспакка үлэлии тураллар, итии бэрилиннэ. Нэһилиэк дьаһалтата ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түбэлтэтигэр олохтоохтоорго быстах кэмҥэ олорор пууннары арыйбыттар.
Айаал Вензель, СӨ гражданскай оборуонатын дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар миниистири бастакы солбуйааччы: «Билиҥҥи турукка уу таһыма түһэн турар. Олбуордар ууттан бары босхоломмуттара. Икки оройуоҥҥа уу таһыма түһэн эрэр. Индигиир өрүскэ Белай Гора нэһилиэгэ уонна Халыма өрүскэ Зырянка нэһилиэгэр бу күннэргэ уу таһыма куттала суох үрдүүр».
Уу 10 ыал олорор тэлгэһэтин ыла сырытта. Ону таһынан Хара Тумул учаастагын суолун быһан, Өймөкөөн нэһилиэгин кытта холбуур муоста ууга баран, 60 олохтоох сырыылара тохтуу сырытта. Уопсайа 9 учаастакка суоллар быстыылара бааллар. Тустаах министиэристибэ уу таһыма түстэҕинэ хас да биригээдэ, ону тэҥэ тиэхиньикэни ыытан, өрөмүөн үлэтин оҥорон саҕалыырга бэлэм.
Анатолий Потапов, СӨ транспорт уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччыта: «Өймөкөөн улууһугар чуолаан 9 учаастакка суоллар быстыылара бааллар. Билиҥҥи кэмҥэ Агайакаан, Тирэх Үрэх, Үчүгэй уонна Буор-Үрэх муосталарыгар уу таһыма үрдүүрэ бэлиэтэнэр. Ону таһынан, Уус Майа улууһугар хас да сиргэ уу суолу быһан турар».
Кутталлаах балаһыанньа Уус-Майа улууһугар суоһуур. Бу күннэргэ манна эмиэ ардыыр. Улууска хочуолунайдар, уу, ититэр ситимнэр хааччаҕа суох үлэлииллэр. Икки улуустар балаһыанньаларын өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйар уонна гражданскай көмүскэл дьыалаларыгар министиэристибэ хонтуруолугар турар.