Анал байыаннай дьайыы байыастарыгар көмө салҕанар
"Сахабэчээт" тэрилтэ үлэһиттэрэ анал байыаннай дьайыы байыастарыгар массыына күлүүһүн туттардылар. 2015 сыллаах УАЗ массыына туругун чөлүгэр түһэрэн, уустук усулуобуйаларга сылдьарыгар бэлэмнээн туттардылар.
Ньургуйаана Стручкова, "Сахабэчээт" тэрилтэтин генеральнай дириэктэрэ: «Урут ылыллыбыт массыына, онтон кэккэ биричиинэнэн турбута. Ону өрөмүөннээммит ыытан эрэбит».
Анал байыаннай дьайыыга дьоҕус, түргэн тиэхиньикэ ордук биһирэнэр. Онон өрөспүүбүлүкэ уопсайа 150 көлөнү тиэртэ. Бу "Сахабэчээт" ыыппыт массыыната эмиэ байыастарга туһа буолуоҕа диэн бигэ эрэллээхтэр. Көлө бу күннэргэ Ростов куоракка тиэрдиллиэхтээх. Онтон тиийиэхтээх анал байыаннай дьайыы сиригэр байыастарга тиксэриллиэҕэ.
Николай Бугаев, СӨ норуодунай депутата: «Мин билэрбинэн, биир УАЗик 157 уолу таһаарбыта, биир 170 бааһырбыт киһини. Онон туһата улахан. Биһи суруналыыстарбыт бэйэлэрэ биһиэхэ тахсаннар бу тиэхиньикэни уолаттарбытыгар ыыталлара үчүгэй».
Маныаха волонтердар үлэлэрэ эмиэ тохтообот. "Боевые шелкопряды" волонтёрдар хамсааһыннара сүрүн үлэлэринэн байыастары утарсааччы хараҕыттан уонна дронтан кистиир сиэккэлэри өрүү буолар. Маны таһынан халлаан тымныйара чугаһаан таба тыһыттан олобохтору, халыҥ наскылары бэлэмнээн ыыталлар.
Алексей Решетников: «Волонтердар бу курдук угунньалары, ол эбэтэр стелькалары оҥороллор. Сиэлтэн оҥоһуллубут угунньа сылаас буолар уонна ону таһынан сытыйбат. Байыыастар сылдьар уустук усулуобуйаларыгар табыгастаах».
Волонтердар араас харысхалларынан, иконаларынан, алгыс сиэрин ыытарга тустаах отторунан, сиэллэринэн уонна да атын малынан-салынан анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьону үөрдэллэр.
Тамара Попова, "Боевые шелкопряды" волонтёрдар хамсааһыннарын салаатын салайааччы: «Саха сириттэн сылдьар оҕолор наһаа сиэри туому тутуһаллар. Ол иһин биһиги кытыан хомуйаммыт туостаан, сиэллээн ыытабыт».
"Боевые шелкопряды" волонтёрдар хамсааһыннара оҥорон таһаарар сиэккэлэрэ байыастар өттүлэриттэн үгүс биһирэбили ылар. Онон сакаас күннэтэ тохтообокко киирэр. Анал байыаннай дьайыыга хамсааһын уопсайа 5 тыһ. тахса сиэккэни өрөн ыытта. Онон үлэ сарсыарда 10-тан киэһээ биэскэ диэри тохтообот.
Мария Никифорова, волонтёр: «Биһи манна кырдьаҕастар буоламмыт мустаммыт бэйэбит илиибит сылааһын, туох баар махталбытын, алгыспытын биэрэн туран үлэлиибит. Ол иһин саллааттарга тиийдэҕинэ оҕолор наһаа үөрэллэр, хайҕыыллар. Улахан көмүскэл буолар эбит».
Саха байыастарыгар тустаах көмө анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан ыла тиһигин быспакка ыытылла турар. Өрөспүүбүлүкэ салгыы даҕаны байыастар этэҥҥэ, кыайыы аргыстаах кэлэллэрин туһугар үлэлиэҕэ.