Суолга оҕо эчэйиитэ элбиир

190

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с №-дээх балыыһаҕа сыл саҕаланыаҕыттан 22 тыһыынчаттан тахса киһи суһал көмөҕө наадыйбыт. Мантан 10 тыһыынчата уулуссаҕа ылбыт эчэйии буолар. Быраастар бэлиэтииллэринэн, самокат үөдүйүөҕүттэн уулуссаҕа эчэйии ылыы элбээбит, аҥаардас сайыҥҥы кэмнэ 200-тэн тахса киһи, мантан аҥаара оҕо араас эт-хаан эчэйиитин ылбыт.

Николай Слепцов, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с №-дээх балыыһа травматолог-ортопед бырааһа: "Ити этиллибит ахсаантан 10% тостуу буолар. Ол курдук хомурҕаннарын, илиилэрин, атахтарын тосту түһэллэр. Үксэ эдэр оҕолор, 20-26 саастаахтар. Саастаахтар эмиэ кэлэллэр, 50-60 диэри саастаах дьон. Кинилэр ордук өттүктэрин тоһуталлар".

Киин куоракка электросамокатынан ордук ыччат, оскуола оҕолоро айанныыллар. Суол быраабылатын тутуспаттар, түргэнник сылдьаллар, дьону үнтү көтөллөр.

Дьокуускай куорат олохтооҕо Кынат Оконешников куорат киинигэр мэһэйэ суох түргэнник сылдьар сыаллаах самокааты туһанар.

Кынат Оконешников, Дьокуускай куорат олохтооҕо: уол быраабылатын куруук тутуһабын,  сэрэхтээхтик сылдьабын. Хас биирдии киһи бэйэтигэр эппиэтинэс ылыахтаах. Суолу туоруургутугар хайаан да үтэн туорааҥ".

Киин куоракка быйыл самокаты уларсар тэрилтэлэр элбээбиттэрэ суолга эчэйии ахсаанын көрдөрүүтүн үрдэттэ. Манан сиэттэрэн билигин самокаты уларсар тэрилтэлэр бааннары кытта ыкса үлэлэһэллэр, ыстраап да төлөбүрэ үрдээтэ.

Жанна Макарова, Дьокуускайдааҕы суолга куттал суох буолуутун хааччыйар сулууспа сырдатар үлэҕэ инспиэктэрэ: "Уларсар тэрилтэ бэйэтин иһигэр эмиэ ыстарааптардаах. Холобур, суолу үтэн туораабатахха ыстарааба 1000 солк., оттон хас да буолан айанныыр түгэҥҥэ ыстараап кээмэйэ 5000 солк. Сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо самокаттаммыта билиннэҕинэ ыстараап 10000 солк. Ити ыйыллбыт ыстарааптар бары айаны төлөөбүт картаттан уһуллаллар".

Суолга-иискэ куттал суох буолуутун хааччыйар инспиэксийэ иһитиннэрэринэн, бу сыл саҕаланыаҕыттан киин куоракка сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор кыттыылаах барыта 45 суол саахала бэлиэтэннэ. Мантан 58 оҕо араас таһымнаах эт-хаан эчэйиитин ылла, хомойуох иһин, икки оҕо суорума суолланна. Электросамокакка оҕо айанныыра бобуулаах. Улахан да дьон суол быраабылатын кэһэллэр, суоппардарга, сатыы дьоҥҥо кутталы үөскэтэллэр.