"Жатайтеплосеть" өйөбүлү туруорсар
“Жатайдааҕы хочуолунай оттук сезонугар киириигэ толору бэлэм турар. Ол курдук балаҕан ыйын 6 күнүгэр бастакы хочуолу холбуохтаахтар. Ол кэнниттэн халлаан туругуттан көрөн иккиһи онтон үсүһү холбоон иһиэхтэрэ”, - диэн корреспондент Алексей Решетников кэпсээтэ.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Жатайы кэрийэн көрүүтүн чэрчитинэн хочуолунайга сырытта. Бөһүөлэги сылааһынан "Жатайтеплосеть" тэрилтэ хааччыйар. Сылааһы биэрэр ситим номнуо үлэҕэ киирэргэ бэлэм турар, билигин гидравлическэй тургутууну аһардаллар. Онон быйылгы кыстыкка хочуолунай 100% бэлэм турар. Ол эрээри үп-харчы өттүгэр уустуктар бааллар диэн үлэһиттэр бэлиэтииллэр. Өр сыллар тухары төлөммөтөх иэстэр тэрилтэ биир сүрүн кыһалҕатынан буолар.
Гаврил Левин, "Жатайтеплосеть" муниципальнай унитарнай тэрилтэ дириэктэрэ: "Өрөмүөн кэмигэр күчүмэҕэйдэр үөскүү сылдьыбыттара. Ол эрэн ону аахсыбакка кыстыкка барытын бэлэм оҥордубут. Кыһалҕалаах буоламмыт өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар көмөлөһөллөрүн туруорсабыт".
«Муниципальнай унитарнай тэрилтэ кыһалҕаларын тула тустаах кэпсэтиилэр, үлэлэр ыытыллаллар. Бөһүөлэх администрацията туһааннаах тэрилтэҕэ улахан болҕомтону салалта өттүттэн уурарбытын туруорсаллар. Тэрилтэ үп-харчы өттүнэн атын тэрилтэттэн улахан уратыта суох. Биһиги бу чааһыгар үлэлэһэ сылдьабыт", - диэн СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников бэлиэтээтэ.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Жатайга Уһук Илин үрдүнэн биир бастыҥ, баараҕай эбийиэктэр тутулла туралларын бэлиэтээн эттэ. Ол курдук "Точка будущего" оскуола уонна Жатайдааҕы "Судоверфь" сиригэр тиийэр суолларга улахан болҕомто ууруллар. 621 миэтэрэ усталаах Корзинникова уулусса өрөмүөнэ алтынньыга түмүктэниэхтээх.
Дмитрий Садовников, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы: "Оҥоро сылдьар тэрилтэҕэ туох да ыйытыы суох. Хаачыстыбалаахтык үлэлиирин билэбит. Онон бириэмэтигэр хаачыстыбалаахтык киириэҕэ диэн эрэллээхпит".
Өрөспүүбүлүкэҕэ Арктика бары улуустарыгар уонна бу күҥҥэ Горнайга итии ситимин холбоотулар, хочуолунайдар үлэлээтилэр. Саха сиригэр быйыл барыта 94 саҥа хочуолунайы атыыластылар, күн бүгүн бары миэстэтигэр тиийэн тураллар. 40 килэмиэтир кэриҥэ усталаах ититэр ситим саҥардылынна уонна кыһыҥҥыга бэлэмнэннэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи олох дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ балаҕан ыйын 11 күнүгэр диэри 28 улуус толору оттукка киириэҕэ диэн иһитиннэрэр.
Павел Емельянов, СӨ олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын министиэристибэтин оҥорон таһаарыыга салаатын салайааччы: "14 филиалбытыгар балаҕан ыйын 11 күнүгэр диэри оттук сезонун саҕалыырга бэлэммит. Өрөмүөн үлэтэ барыта бүтэн турар. Күн бүгүн 90% тиийдэ. Хаалбыт кээмэй итиини биэриини харгыстаабат. ".
Дьокуускай куоракка бастакы уочаратынан социальнай эбийиэктэри ититэр ситимҥэ холбууллар. Билигин оттукка бэлэм буолуу 97% ылар диэн этэллэр. "Теплоэнергия" тэрилтэ бас билиитигэр 40-тан тахса хочуолунай баарыттан, аҥаара үлэлээтэ. 61 эбийиэк оттукка киирдэ.