"Наука 0+" бэстибээл Дьокуускайга саҕаланна
Наноматырыйааллар киһи олоҕор киллэрэр уларыйыыларын туһунан лиэксийэҕэ үгүс ыччат тоҕуоруспут. Эдэр дьоҥҥо тиийимтиэ буоллун диэн бастатан туран быһааран биэрииттэн саҕаланар. Маныаха лыах кырааската нано эттиктэртэн турарын лекцияны ааҕаччы холобурдуур. Эдэр исписэлиис Захар Евсеев олус өйдөнүмтүөтүк быһаарар. Кини бу тиэмэҕэ Саха сирин учуонайдарын чинчийэр хамаандатыгар киирсэр буолан бастыҥ эксперт.
Захар Евсеев, ХИФУ физико-техническай факультетын научнай үлэһитэ: «Саха сирэ наноматырыйааллары туһаныыга Арассыыйаҕа инник иһэр. Күүстээх чинчийэр кэллэхтииптэр бааллар. Графен диэн углерод наноматырыйаалы чинчийии күүскэ барар».
Кырдьык да Саха сирэ наноматырыйааллары туһаммыта быданнаата. Холобур, базальт эмиэ бу хайысхаҕа киирсэр. Маны сэргэ улахан үлэ учуонайдар өттүлэриттэн графен диэн кэлэр кэм матырыйаалын чинчийиигэ барар. "Арассыыйа - мин остуоруйам" түмэлгэ тэҥинэн хас олус интэриэһинэй тиэмэлэргэ лекциялар ыытыллаллар. Үөрэхтээһин эйгэтигэр нейротехнология суолтатын тула кэпсэтии таҕыста. Манна этиллибитнэн оҥоһуу өйү туһаныыга дьон санаата икки аҥы арахсар. Утарааччылар уонна өйөөччүлэр.
Сайдыыны тэҥэ урукку кэми ыччат эмиэ олус сэҥээрэрэ археологическай булумньулар тустарынан лекцияҕа көстөр. Оскуола оҕолоругар интэриэһинэй буоллун диэн оҕо оонньуурдарын талбыттар. Хаһыыларга көстүбүт булумньулары сэҥээрэ көрдүлэр.
Уйгулаана Левина, бэстибээл кыттыылааҕа: «Былыргы оонньуурдары олус сэҥээрэ көрдүм. Ордук хаамыскалары интэриэһиргээтим».
Арктикатааҕы археология түмэлин салайааччыта Елена Соловьева Дьокуускайга бүтэһик түөрт сылга көстүбүт оонньуурдары көрдөрдө, сиһилии кэпсээтэ. Манна ордук сыаннайдартан былыргы батыйаны үтүгүннэрэн оҥоһуллубут оҕо оонньуура, фарфортан кутуллубут куукула кэпсэннэ. Маны сэргэ тэрээһиҥҥэ булумньуну булбут археологтар кыттыыны ыллылар.
Максим Гладких, ХИФУ устудьуона: «Мин булбут булумньуларым бааллар манна. Саахымат уонна хабылыккаа маарынныыр оонньуурдар. Бэстибээлгэ үһүс сырыыбын кыттабын. Инники сылларга факультеппытынан маастар – кыцлаастары ыытар этибит».
Бэстибээл Саха сиригэр 2013 сылтан ыла ыытыллар. Быйыл Дьокуускай Арассыыйа бары эригийиэннэригэр бэстибээли тэрийэн ыытар федеральнай кииннэртэн биирдэстэринэн талалынна. "Наука 0+" аата да этэринии кимиэхэ барытыгар өйдөнөр билим ааттанар. Онон ким баҕарар бэйэтигэр интэриэһинэй тиэмэни булуон сөп. Быйыл өссө биир ураты - дьиэ кэргэнинэн сылдьыыга аналлаах хайысхалар үгүстэр.
«Бэстибээл түөрт күн устата салҕаныа. Сүрүн тэрээһин балаҕан ыйын 7 күнүгэр “Доксун” спорт комплексыгар ыытыллыаҕа. Манна учуонайдар, чинчийээччилэр бүтэһик арыйыыларын көрдөрүөхтэрэ», - диэн иһитиннэриинэн корреспондент Мария Дмитриева сюжетын түмүктүүр.