Олохтоох оҕуруот аһа хоту устар
Оҕуруот астара аҕыйах хонуктааҕыта сиртэн хостонон, билигин Арктикатааҕы атыы уонна логистика тэрилтэ ыскылаатыгар кэлэн эрэллэр. Манна сүрүннээн Дьокуускай куорат таһынааҕы хаһаайыстыбалар кэлэн туттараллар. Тулагыттан, Хатастан, Жатайтан оҕуруот аһын арааһын хомуйан, Хоту улуустары бэйэ аһынан хааччыйыахтара. Оҕуруот аһын таһынан ас-үөл арааһын ситимнэрин быспакка эмиэ бэлэмнииллэр.
Анна Григорьева, Арктикатааҕы атыы уонна логистика тэрилтэ атыыга салаатын салайааччытын солбуйааччы: "Быйылгы былааммыт 2740 туонна. Онтон 50% бастакы түһүмэххэ баран турар. Билигин оҕуруот аһа уонна олохтоох хаһаайыстыбалар оҥорор бородууксуйалара барыаҕа. Маныаха хаһаайыстыбалартан тута олоробут".
Хоту улуустарга таһаҕаһы тиэйии бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ, уопсайа 1300-тэн тахса туонна тиэрдилиннэ. Билигин иккис түһүмэххэ бэлэмнэнэллэр. Аныгыскы нэдиэлэҕэ астарын барытын тиэйэн "Макдебург" уонна "Мальчиков" таһаҕаһы тиэйэр суудуналар айаҥҥа турунуохтара. Маны таһынан балаҕан ыйын бүтүүтүттэн көтөр аалларынан тиэйии эмиэ саҕаланыаҕа.
Иннокентий Петров, Арктикатааҕы атыы уонна логистика тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы: "Быйылгы былааммытыттан 571 туоннаны илдьэн турабыт. Уунан 2740 туоннаны илдьиэхтээхпит. Салгынынан 441 туонна".
Куулламмыт тоҥ балык Дьокуускайдааҕы өрүс пуордугар кэлэн сүөкэнэ турар. Үлэһиттэр хара сарсыардаттан саҕалаан бу соторутааҕыта эрэ кэлбит уу аалыттан сибиэһэй хоту дойду балыктарын наардыыллар. Оттон аныгыс нэдиэлэҕэ суудуна тиэнэн хоту улуустарга ас-үөл, мал-сал арааһын тиэнэн барыаҕа. "Булунскай" муниципальнай унитарнай тэрилтэ быйыл 250-тан тахса туонна балыгы тиэйэн аҕалла.
Руслан Лукин, "Булунскай" муниципальнай унитарнай тэрилтэ салайааччыта: "10-15 күн иһигэр сүрүн кээмэйбитин ыламмыт, барытын дойдубутугар соҕотуопкалаан Дьокуускай куоракка аҕаллыбыт".
Өрүс суолунан быйыл 1200-тэн тахса туонна таһаҕас тиэрдиллиэхтээх. Ол курдук Дьааҥы өрүһүскэ 154 тыһ. , Индигиркаҕа 52 тыһ., Халымаҕа 77 тыһ., Анабаарга 44 тыһ. уонна Хотугу муустаах муораҕа 28 тыһ. туонна тиэрдиллиэхтээх.
Никита Павлов, СӨ гражданскай көмүскэлин уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыы миниистирин солбуйааччы: "Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ 957 тыһ. туонна тиэллэн турар, ол курдук былаан 76% туолан турар. Оттон тиийиэхтээх сиригэр 783 тыһ. туонна буолла".
Хоту уонна Арктика уһугар сытар улуустарга таһаҕаһы тиэйии тыын суолталаах. Билигин өрүс уута түһэн уу ааллара сылдьалларыгар кэккэ ыарахаттар үөскүөхтэрин сөп. Ол эрэн быйылгы былааны толорор сорук турар.