Быйыл Дьокуускай 5№-дээх оскуолатыгар маҥнайгы кылааска 105 оҕо киирдэ
Саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан! Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун Билии күнүнэн эҕэрдэлээтэ. “Бу күнтэн саҥа үөрэх дьыла саҕаланар, саҥа арыйыылар, саҥа билиилэр, саҥа кыахтар аһыллаллар. Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылларыгар 15 тыһыынчаттан тахса оҕо бастакы кылааска киирэр. 9 тыһыынча кэриҥэ 11 кылаас үөрэнээччилэригэр эксээмэҥҥэ бэлэмнэнэр тыҥааһыннаах кэмнэрэ саҕаланар”, – диэн телеграм-ханаалыгар суруйда.
Быйылгы үөрэх дьылыгар киин куорат бэһис нүөмэрдээх Кривошапкин аатынан орто оскуолатыгар маҥнайгы кылааска 105 оҕо үөрэх үтүө суолугар үктэннэ. Салгыы алын кылаас салайааччыта Василий Макаров Билии үөрүүлээх, долгутуулаах күнүнэн эҕэрдэлиир.