Билии күнэ
Сибэкки дьөрбөтө тутуурдаах кырачааннар билии киэҥ аартыгар үктэнэр бастакы линейкалара. Балаҕан ыйын иккис күнүгэр көспүт тэрээһини сорохтор сынньалаҥ уһаабытын курдук ылыммыттар, оттон сорохторго кэтэһии, долгуйуу өссө уһаабыт.
Мария Чирикова, төрөппүт: "Иккис оҕом маҥнайгы кылааска киирдэ. Улаханым эмиэ “Айыы Кыһатыгар” 5 кылааска үөрэнэр. Олус диэн долгуйабыт. Этэҥҥэ үөрэниэ диэн эрэнэбит".
Дьоро тэрээһин буруйдаахтарын киһи эндэппэккэ тута көрөр - саамай мааны баанчык, саамай мааны сибэкки дьөрбөтө. Бу күҥҥэ кинилэр долгуйан туран бэлэмнэммиттэрэ.
"Айыы Кыһата" оскуола сахалыы тыыҥҥа иитэр ураты билии кыһата. Саҥа үөрэх дьыла таһаарыылаах, ситиһиилээх буоллун диэн алгыс тыла этиллэр. Оттон билии уота сандаарыччы умайыыта - үөрэх саҕаламмытынан ааҕыллар. Манна быйыл биэс маҥнайгы кылаас оскуола боруогун атыллаата.
Надежда Андреева, алын кылаас учуутала: "Быйыл миэхэ 42 оҕо, 18 уол 24 кыыс 1 “А” кылааска киирдилэр. “Айыы Кыһатыгар” үлэлээбитим уонтан тахса сыл буолла, манна биэс кылааһы үөрэтэн таһаардым".
Кэтэһиилээх күүтүүлээх алтан чуоран чугдаарар. Оскуола бастыҥнара уонна маҥнайгы кылаас үөрэнээччитэ саҥа үөрэх дьылыгар билии байҕалыгар батыһыннараллар.
Оттон Саха сиригэр быйылгы үөрэх дьылыгар барыта 153 тыһыынчаттан тахса оҕо үөрэниэҕэ. Маныаха 630 оскуола толору бэлэмнээх балаҕан ыйын 1 күнүн көрүстэ.
Дойду Президенэ Владимир Путин ыйааҕынан быйылгыттан үөрэх тэрилтэлэриргэр Арассыыйа былааҕа булгуччулаах. Арктикатааҕы оскуола үөрүүлээх тэрээһини былаах киириититтэн уонна өрөгөй ырыатыттан саҕалыыр. Бу үөрэх кыһатыгар өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан дьоҕурдаах оҕолор түмсэн үөрэнэллэр. Улахан кылаас оҕолоругар саҥа үөрэх дьыла - саҥа соруктары, сыаллары туруорар кэм.
София Иванова, Арктикатааҕы оскуола үөрэнээччитэ: "Оскуолабын олус таптыыбын, ахтабын. Олус долгуйан түүн утуйбатым даҕаны".
Мичийээнэ Зырянова, Арктикатааҕы оскуола үөрэнээччитэ: "Кыһыл аттестакка бүтэрэр соруктаахпын, онон быйыл күүскэ үлэлиэхпин наада".
Арктикатааҕы оскуолаҕа Билии күнүгэр алтан чуораан быйыл бэһис сылын чугдаарар. Үрүҥ, кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрээччилэрин ахсаанынан оскуола өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ көрдөрүүлээх.
Айталина Татаринова, Арктикатааҕы оскуола дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы: "Биһиги оскуолабыт омук тылларыгар, математика уонна информатика курдук предметтарга ордук чиҥэтэн үөрэтэр. Быйыл оскуолабытын 61 оҕо бүтэрдэ. Олортон 26 үөрэнээччи кыһыл көһүс мэтээлинэн бүтэрдэ уонна тоҕус оҕо үрүҥ көмүһүнэн".
Торжественнай линейка кэнниттэн үөрэнээччилэр бары кылаас чаастарыгар тарҕастылар. Маҥнайгы уруок дойду үрдүнэн барыларыгар биир - разговор о важном. Тиэмэ - инники кэскил.