Ойууру чөлүгэр түһэрии аахсыйата
Киин куораттан 20-чэ килэмиэтир тэйиччи сытар Владимировка таһыгар 2016 сыллаахха ойуур баһаара буолбута. Билигин бу сиргэ чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ ыытыллар. Онуоха Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар "Сохраним лес" аахсыйа күүс-көмө буолар.
Бу тэрээһин Саха сиригэр 5-с төгүлүн ыытылынна. Быйылгы тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэрэ, бырабыыталыстыба үлэһиттэрэ уонна туора туран хаалар баҕа санаалара суох дьон-сэргэ кыттыыны ыллылар.
Николай Никитин, СӨ экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин ойуур харыстабылын уонна чөлүгэр түһэрии департаменын салайааччыта: «Маһы үүннэрэр сирдэртэн тыһыынчаттан тахса олордуллар мас аҕаллыбыт. Маны тэҥэ уот линията ааһар сирдэриттэн түөрбүт мастарбытын эмиэ олордуохпут».
Аахсыйаҕа өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана - Айсен Николаев сыл ахсын кыттыыны ылар. Бу тэрээһин Саха сиригэр улахан суолталаах диэн сэһэргээтэ. Сотору кэминэн, өссө улахан иэннээх сирдэргэ тыалары чөлүгэр түһэрии үлэлэрин ыытар, промышленнай таһымҥа таһаарар сыал-сорук туруоран үлэлиир-хамсыыр кэскиллээҕин бэлиэтээтэ.
Айсен Николаев, Ил Дархан: “Ойууру чөлүгэр түһэрии киэҥ хабааннаахтык ыытыллар буолбута үөрүүлээх. Сотору кэминэн манна бэртээхэй ойуур питомнига баар буолуо”.
«Авиалесоохрана» баһаарынайдара уһун сайыны быһа ойуур баһаардарын кытта охсуһар буоланнар, айылҕаны харыстыырга, баһаар эмсэҕэлээбит сирдэрин чөлүгэр түһэрэргэ туһаайыллар тэрээһиҥҥэ көхтөөх кыттыыны ылаллар. Василий Слепцов этэринэн, уоту умуруорары таһынан мас олордор хайа баҕар байыаска дьол. Онон кэлэр сылларга эмиэ тиһигин быспакка кыттыыны ылар баҕа санаалаах.
Василий Слепцов, аахсыйа кыттыылааҕа: «Сыл аайы үгүс кээмэйдээх тыа умайар. Онон маннык үлэ хайаан да барыахтаах».
Кэнники сылларга климат уларыйыыта, аан дойдуга промышленность түргэн сайдыыта, киһи ахсаана элбээбитэ айылҕа туругар улахан содулу хаалларар. Онон аахсыйа кыттыылаахтара бары биир сомоҕо буолан, кэлэр көлүөнэлэр тыынар салгыннара ыраас буоларын туһугар, бары күүһү уурарбыт сөптөөх суол диэн бэлиэтииллэр.
Михаил Саввин, аахсыйа кыттыылааҕа: «Ойуур бэйэтэ чөлүгэр түһэрин күүппэккэ көмөлөһүөххэ наада. Оо иһин биһиги мас олордуутунан дьарыктана сылдьабыт».
Аахсыйа чэрчитинэн 5 сыл устата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайа 31 тыһ. тахса 17 гектар иэннээх сиргэ тиит, хатыҥ уонна бэс мас олортулар. 2 тыһ. тахса киһи айылҕа тупсарын туһугар бэйэтин кылаатын уурда. Манна олордуллубут мастар Хабаровскай үүнээйи питомнигар күн-сирин көрбүттэрэ. Ол эрээри Саха сириттэн тиийбит сиэмэлэр буоланнар сирдэрин атыҥыраабакка улаатыахтара диэн аахсыйа тэрийээччилэрэ бигэ эрэллээхтэр.
«Аахсыйаҕа олордуллубут мастар сотору кэминэн үүнэн, силигилээн аан дойду тыынар тыҥатынан буолуохтара. Бүгүҥҥү аахсыйаҕа 500 бэс, 500 тиит олордулунна. Маннык тэрээһин инникитин тиһигин быспакка ыытыллыаҕа», - диэтэ еорреспондент Алексей Решетников.