Нам улууһун Модутугар саҥа сахалыы киинэ уһуллан саҕаланна

79

Киинэ эйгэтин үлэһиттэрин тылларынан "хлопушка" тыаһаан устуу саҕаланар. Бүгүн 15 сыана хас да көлүөнэ Модуттар ыллаан-үҥкүүлээн кэлбит кулууптарыгар  уһуллар. Семен Ермолаев - Сиэн Өкөр айымньытынан "Эйиэхэ, сибэкки биэрээри" диэн ааттаах киинэ  атырдьах ыйыгар тустаах нэһилиэккэ устан саҕаламмыта. Саҥа улахан миэтири эдэр саҕалааччы режиссер Василий Слепцов холонон устан эрэр.

Василий Слепцов, киинэ режиссёра: «Баҕа санаалары киллэрбиппит. Семен Ермолаев кэпсээнигэр суох этилэр, кылгас кэпсээн этэ. Сценаристы кытта киинэ уһатар курдук эбэн биэрбиппит. Омуннаах баҕа санаалар уонна дьиҥ курдук буолаллар, көрөөччү таайарын курдук».

Киинэ сюжетыттан кыратык сэгэтэн кэпсээтэххэ, түөрт табаарыстыылар 3 уол дэриэбинэҕэ хаалан хаалбыттар, биирдэрэ соҕуруу баран үөрэнэн кинилэр туһунан умнан кэбиспит. Доҕордоһуу, туолбатах ыра санаа, кэмсинии барыта бу киинэҕэ арылыччы көстүөҕэ. Сүрүн ороуллары артыыстар Павел Ченянов, Альберт Алексеев уонна Дьулустан Софронов толороллор.

Дьулустан Софронов, сүрүн оруолу толорооччу: «Оруолум - Сашок диэн персонаж, дэриэбинэ олохтооҕо, тыраахтарыыс. Бэйэм дэриэбинэ оҕото буолар буоламмын миэхэ боростуой».

Оттон киинэни устуу Нам улууһун биир саамай кырдьаҕас дэриэбинэтигэр Модукка уһулла сылдьар. Олохтоох дьаһалта, нэһилиэнньэ устар бөлөххө күүс-көмө өйөбүл буолаллар.

Ефим Гоголев, "Тумул" МТ баһылыга: «Биһи Модуппутугар олус үчүгэй киинэ уһулла сылдьар. Устар бөлөххө отуттан тахса киһи кыттыыны ыла сылдьар, эдэр киһи элбэх. Бу иннинэ сериал уонна икки киинэ уһуллубута. Киинэ уһулларыгар нэһилиэк дьоно көмөлөһөр».

Чахчы, нэһилиэнньэ табыгастаах усулуобуйаны тэрийэргэ олус көмөлөһөллөр диэн киинэ хамаандата махталын тириэрдэр. Оттон устар бөлөх 25 киһиттэн тахсар халыҥ хамаанда буолар. Манна сүрүн продюсерынан Алексей Михайлов үлэлии сыдьар. Бу кини 4 улахан киинэтэ буолар.

Алексей Михайлов, киинэ продюсера: «Бу төрдүс бырайыагым чэпчэки соҕус буолла. Уопутурдум ду хайдах ду. Көмөлөһөөччүлэр да бааллар. Сүрүннээн СТК хампаанньа генеральнай директорыгар Анатолий Забалоцкайга барҕа махталбын тириэрдиэм этэ. Кини өйөөн бу киинэ күн сирин көрүөхтээх. Жанрбыт трагикомедия, бэйэм комедия жанрга баарбын, бу киинэҕэ уһуллабын уонна дьон биһириэ диэн эрэллээхпин».

Онон былаан быһыытынан аны кэлэр сыл кулун тутар ыйыгар саҥа сахалыы киинэ Өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар көстүөҕэ. Улахан экраннарга тахсыаҕа.