Саҥа үөрэх дьылыгар оскуолаларга бэлэмнэнии үлэлэрэ түмүктэнэн эрэллэр

112

Оскуолалар саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмнэнэллэр. "Айыы Кыһата" национальнай гимназия үлэһитэ Анисия Сивцева кичэйэн эркиннэр кырааскаларын саҥардар. Оҕо үөрэнэр сирэ тупсаҕай көстүүлээх буоллаҕына билии иҥэринэригэр, үөрэххэ тардыһарыгар холку уонна улаатар эйгэтэ сырдык буолар диэн санаалаах.

Анисия Сивцева, "Айыы кыһата" национальнай гимназия үлэһитэ: «Тупсарыы өрөмүөнэ бүтэн эрэр. Кырааска үлэтин үлэһиттэр бэйэбит күүспүтүнэн оҥоро сылдьабыт».

Үлэһиттэр этэллэринэн оскуола көрүҥүн тупсарар үлэлэрэр бүгүн-сарсын түмүктэниэхтээхтэр. Билии күнүгэр үөрэнээччилэрин сырдык дьиэҕэ көрсөргө бэлэмнэр.

Владимир Ю, "Айыы кыһата" национальнай гимназия административнай уонна хаһаайыстыбыннай үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы: «Оскуолабыт саҥа, туох баар ирдэбиллэргэ барытыгар эппиэттиир. Кыра тупсарыы үлэтин ыытабыт».

Айыы Кыһатыгар сылын ахсын 5 кылаас арыллар. Билигин төрөппүттэр оҕолорун маҥнайгы кылааска киллэрээри тустаах докумуоннарын ситиһээри сүрэ-көтө сылдьаллар. Ол курдук кэлэр үөрэх дьылыгар 200 үөрэнээччи эбилиннэ. Оскуолаҕа уопсайа 1770 оҕо биир дьиэ иһигэр үөрэниэҕэ. Быйыл "Основы безопасности и защиты родины" диэн диссипилиинэ эбилиннэ уонна "технология" уруога "труд" диэҥҥэ уларыйда. Маны таһынан эбии үөрэхтээһиҥҥэ эмиэ саҥа салаалар эбиллиэхтэрэ. 

Тюркана Сергеева, "Айыы кыһата" национальнай гимназия дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы: «Быйыл биһи оскуолабытыгар “Беспилотные летательные аппараты” кабинетын бэлэмнээн олоробут. Бэдэрээлинэй бырагыраама чэрчитинэн 6 учууталы үөрэттэрдибит. Быйыл саҥа киирбит предметтэр гражданско-патриотическэй итиигэ ордук туһаайаллар диэн бэлиэтиибит».

Дьиэ ис көстүүтүгэр эрэ буолбакка таһыгар эмиэ улахан болҕомто ууруллар. Сылын ахсын сибэкки эгэлгэтин үүннэрэллэр. Маны таһынан оскуола тиэргэнигэр быйыл оҕуруот аһын олортулар. Айыы Кыһата Губинскай уокурук ыытар күрэхтэригэр биир бастын тупсаҕай тиэргэннээҕинэн аатырар, куруук инники күөҥҥэ сылдьар.

Анисия Сивцева, "Айыы кыһата" национальнай гимназия үлэһитэ: «Ичигэс кэмҥэ физкультуралара бу былаһааккаҕа буолар, арааһынай тэрээһиннэр игин буолаллар».

Билиҥҥи туругунан оскуолаларга улахан өрөмүөн үлэлэрэ түмүктэнэн тураллар, тустаах хамыыһыйалар бэрэбиэркэлэрин аастылар. Маны таһынан үөрэх кыһалара куттала суох эйгэлээх буолалларын туһугар улаҕан болҕомто ууруллар.

Алевтина Аргунова, СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирин бастакы солбуйааччы: «29-30 атырдьах ый күннэригэр Арассыыйа үрдүнэн куттала суох буолуу быһыыга-майгыга үөрэтиилэр буолаллар, эбийиэктэрбит төһө бэлэмнээхтэрий диэн».

Бүтэһик алта сыл иһигэр "Үөрэҕэрии" национальнай бырайыак чэрчитинэн 51 саҥа оскуола тутулунна. Кэлэр сыл тиһэҕэр диэри эбии 18 эбийиэк үлэҕэ киириэҕэ. Онон үөрэх таһыма үрдүүрүн, үөрэнэр миэстэ элбиирин туһугар тустаах үлэлэр ситимнэрин быспакка ыытыллаллар.