Дьокуускайга "Аҕабынаан бииргэ" диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии ыытылынна
Ааспыт нэдиэлэ өрөбүллэригэр икки күн устата Дьокуускайга "Аҕабынаан бииргэ" диэн ааттаах II өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии ыытылынна. Бу тэрээһин Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылын чэрчитинэн тэрилиннэ. "Аҕабынаан бииргэ" күрэхтэһиигэ Өрөспүүбүлүкэбит араас муннугуттан 11 сааһыттан 14 сааһыгар диэри оҕолор аҕаларын кытта 18 хамаанда буолан көхтөөх кыттыыны ыллылар. Бу сэргэх, дьиэ кэргэҥҥэ эйэлээх сыһыаны олохтуур тэрээһин көҕүлэччилэртэн биирдэстэрэ буолар Саха сирин аҕаларын түмсүүтэ. Салгыы бу тэрээһин түмүктэрин туһунан Саха сирин аҕаларын түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Айхал Габышев сырдатарын истэргитигэр.