Саха сирин үрдүнэн от былаана 74% туолан турар

115

Комбайны кытары улахан кыамталаах тиэхиньикэ бииргэ айаннаан быйылгы үүнүүнү хомуйаллар. Оттон бу Нам улууһун биир тарбахха баттанар, “Дайыына” хаһаайыстыбатыгар сиилэһи бэлэмниир үлэтэ үгэннээн турар. Быйыл манна 20-тан тахса гектар иэннээх сиргэ биир сыллаах от үүннэриллибитэ.

Надежда Попова, "Дайыына" хаһаайыстыба салайааччыта: «Быйыл бачча кураан сылга кэлэн уу ылбыт буолан суданкабыт үүннэ. Былааммыт туолар ини диэн эрэллээхпит. 2018 сыллаахха кормопроизводство бырагырааматыгар кыттаммын онтон ылбыт 680 диэн сиилэс комбаймытынан быһабыт. Онтон улахан массыыналары арендалаан ылабыт».

Дайыыналар номнуо хаһыс да сылларын наукалары кытары биир сомоҕо буолан үлэлии сылдьаллар. Ол курдук, кинилэргэ тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр института төһүү күүс буолар. Хас да бааһыналарыгар судаан оту кытары дьүөрэлээн вика, горох үүннэрэллэр. Бу да күн сиилэһи харайар күҥҥэ ЯНИИСХ үлэһиттэрэ кэлэн көмө-имэ буола сылдьаллар.

Наталья Жиркова, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын чинчийэр институтун сүөһү аһылыгын бэлэмниир лабаратория старшай научнай үлэһитэ: «Feedtech Silage диэн бактериянан туттабыт. Маны 2л биир туонна күөх массаҕа кутабыт. Бу бактерия сытыйбатыгар көмөлөһөр».

Манна даҕатан эттэххэ, исписэлиистэр кэтээн көрөллөрүнэн, быйыл сүөһү эбии аһылыга буолар кыахтаах от үүнүүтэ тустаах хаһаайыстыбаҕа үчүгэй. Онон комбайн да үлэтигэр бу төһүү буолар. Тиэхиньикэ быспыт күөх маассатын манна аналлаах сиилэһи харайар дьаамаҕа угаллар.

Дайыыналар күн бүгүн 300 хороҕор муостааҕы туталлар. Билигин хаһаайыстыбаҕа үрүҥ илгэ үрүйэлии устар. От үлэтэ бүтэр уһугар тиийэн эрэр диэн хаһаайыстыба хотуна Надежда Ивановна үлэ хаамыытын туһунан кэпсиир.

Надежда Попова, "Дайыына" хаһаайыстыба салайааччыта: «Быйыл оппут син этэҥҥэ буолуох курдук. Билигин отчуттар оттуу сылдьаллар. Бэйэбит сүөһүбүтүгэр тиийэр былааннаахпыт. Билигин 100 туонна атыылаһан олоробут».

Онтон билигин Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн от хампаанньатын үлэтэ кыралаан үмүрүйэн эрэр. Билиҥҥи кэм туругунан 303 тыһынчаттан тахса га сир охсуллан, от былаана 74% туолбут.