Үөһээ Бүлүүгэ Исидор Барахов аатынан искибиэр тутуллар
Улахан кыамталаах тиэхиньикэ сири хаһар. Сотору бу миэстэҕэ 40-тан тахса салаалаах улахан фонтан оҥоһуллан миэстэтин булуоҕа. Оттон бу Үөһээ Бүлүү улууһун килбэйэр киинигэр, тустаах оройуон тумус туттар киһитэ Исидор Барахов аатын сүгэр искибиэрэ тутулла турар. Саҥа тутуу аныгылыы тыыннаах буолуоҕа.
Спартак Олёнов, тутуу тэрилтэтин салайааччыта: «Фонтаннаах буолар, 2900 кв.м. тротуар баар буолар, оҕо былаһааккалаах уонна куоракка да суох памп-трек диэн баар буолар, ол бэлэсипиэтинэн хатааһылыыр сир. Фонтан 45 сүүрээннээх, хараҥардаҕа уоттаах буолар. Уу баһыллар сирин оҥоробут, кэминэн баран иһэр».
Бу искибиэр Уһук Илин субъектар ортолоругар куорат тупсаҕай эйгэтин тэрийии бырайыактарыгар Арассыыйатааҕы куонкуруска кыайыыны ситиһэннээр оҥоһуллар. Манна фонтантан ураты, аллея, оҕо былаһаакката уонна Исидор Барахов паамытынньыга болҕомтону тардыахтара.
Чахчы, Үөһээ Бүлүү олохтоохторугар тупсаҕай усулуобуйа тэриллэр. Быйыл Үс Хоһуун стадион иһигэр ГТО нормативтарын туттарар миэстэ оҥоһулунна. Манна анал сертификааттаах дьарыктанар спорт тэриллэрэ турдулар.
Егор Николаев, Үөһээ-Бүлүү улууһун спорт салалтатын салайааччыта: «Бу саас ситэрбиппит, сабыс саҥа турар. Кырдьаҕас буоллун, эдэр буоллун бары кэлэн дьарыктаналлар. Манна сылын аайы күрэхтэһии ыытабыт уонна ГТО туттарабыт. Биһи стадионнаах буоламмыт ГТО тутар опорнай пуун буолабыт».
Онтон бу барыта Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун министиэристибэтин өйөбүлүнэн турда. Маннык ГТО муннуктара хас биирдии улууска баар буолуохтара.
Гаврил Мохначевский, СӨ спорт миниистирин солбуйааччы: «Уопсай 42 буолла. Билигин өссө 3 улууска оҥоһулла тураллар, биирдэстэрэ Үөһээ Бүлүүгэ. ГТО тутар анал тэриллэри туруордубут».
Кырдьык билигин манна спорду сэҥээрээччилэр сөбүлээн сылдьар сирдэрэ буолла диэн тустаах исписэлиистэр иһитиннэрэллэр. Бу курдук Үөһээ Бүлүүгэ аныгы олох тэтимин кытары табыгастаах эйгэ оҥоһуллар.