Хоту уонна Арктика улуустарыгар таһаҕаһы тиэйии салҕанар
Хоту уонна арктическэй улуустар олохтоохторо быйыл аан маҥнайгытын саха сиригэр үүммүт арбуһу амсайыахтара. Бу бааһынаҕа үүнэн турар арбузтар сотору кэминэн хоту улуустар маҕаһыыннарын байытыахтара.
Алёна Дьяконова, Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньа пресс-сулууспатын үлэһитэ: «Быйыл аан бастакытын манна үүммүт арбуһу ыытан, хайдах айаннаан тиийэрин көрүөхпүт. Бэйэбит боруобалаан көрдүбүт уонна нэһилиэнньэ сэҥээриэ диэн эрэнэбит».
Манна үүммүт ас-үөл амтана минньигэс, ыйы-ыйдаан ыраах айаны ааспат буолан араас химиянан сууйбаттар-соппоттор онон хас да бүк туһалаах.
Оҕуруот аһын хомуйуу кэмэ саҕаланна. Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ улахан хаһаайыстыбаларын хомуурдарын хоту уонна арктическэй улуустарга тиэрдээри бэлэмнииллэр. Кэлэр нэдиэлэҕэ дьоҕус кээмэйдээх суудуна Чиэрскэйгэ турунуохтаах. Билигин ыытыахтаах оҕуруоттарын аһын хомуйаллар.
Быйыл сайын өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн халлаан туруга тымныы буолан үүнүү арыый мөлтөх, уруккутааҕар өлгөмө суох дэһэллэр, ол да буоллар туруоруллубут былааны ситиһиллэр кыахтаах, онон хоту улуустарга былааннаммыт ас тиийиэҕэ.
Алёна Дьяконова, Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньа пресс-сулууспатын үлэһитэ: «500-чэ туонна оҕуруот аһа уонна фрукта барыахтаах. Фрукта сайаапканнан, оҕуруот аһа 484 туонна».
Арктикатааҕы атыы уонна логистика тэрилтэтэ уопсайа сэттэ хаһаайыстыбаны кытта үлэтин ыытар. Уу суолунан саамай элбэх оҕуруот аһын Аллараа Халымаҕа тириэрдиэхтээхтэр – 91 туонна, Усуйаанаҕа 86, Абыйга 54. Бары улуустары холбоон 484 туонна.
Ний Алексей Сергеевич бааһынай хаһаайыстыбата үүннэрэр аһын-үөлүн хоту улуустарга номнуо 10-тан тахса сыл ыытта. Хас сайын ахсын 42 гектар иэннээх сиргэ араас үүнээйи эгэлгэтин ыһар. Быйыл 150 туонна хортуоппуй, 180 туонна хаппыыста, 1 туонна арбуз, 80 туонна моркуоп уонна сүбүөкүлэ ыытыахтаах.
Юлия Ний, хаһаайыстыба үлэһитэ: «Лето прохладное, больше осенней продукции: картошка, морковь, свекла, капуста».
Арктикатааҕы навигация маҥнайгы түһүмэҕэ 840 туонна кэриҥэ таһаҕаһы тиэртэ. Онтон сотору кэминэн эргиллэн кэлэн иккис түһүмэххэ киирии буолуоҕа.
Галина Румянцева, Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньа оҕуруот аһын харайар сирин салайааччыта: «Улахан хараабылларынан бу хаһаайыстыбалартан тутаммыт хоту улуустарга тириэрдиэхтээхпит».
Быйыл сайын устата хаһаайыстыбалар сыралаах үлэлэрин түмүгэ хоту улуустар махталлара. Саха сиригэр Арктикатааҕы атыы уонна логистика тэрилтээтэ үлэлээн кэлиҥҥи сылларга хоту улуустары сибиэһэй оҕуруот аһынан хааччыйыы үлэтэ үрдүк таһымҥа ыытыллар.