Дьокуускайга атырдьах ыйдааҕы үөрэҕэрии эйгэтигэр сүбэ мунньах саҕаланна
Киин куоракка үгэскэ кубулуйбут 3 күннээх атырдьах ыйдааҕы үөрэҕэрии эйгэтигэр сүбэ мунньах саҕаланна. Тэрээһин Саха сирин уһуйааччы идэлээхтэрин биир сиргэ муста. Үөрэх эйгэтигэр баар кыһалҕалары, ситиһиилэри сырдатта, салгыы сайдар суол хайысхатын ыйан-кэрдэн биэриэҕэ.
Лилия Иванова, профессиональнай үөрэхтээһини сайыннарар институт дириэктэрэ: «Биһи дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин технологическэй суверенитеты биһиги дойдубут аан дойдуга ылыахтаах диэн сыалы-соругу туруоран, билигин дойдуга биллэн турар, үрдүк хаачыстыбалаах үөрэхтээх, бэлэмнээх үлэлиир-хамсыыр ыччат олус наада».
Тэрээһиҥҥэ өр сыллар тухары үөрэх эйгэтигэр кыһамньылаахтык үлэлээбит, элбэх оҕону иитэн таһаарбыт, Саха сиригэр үөрэҕэрии сайдарыгар күүһү уурбут уһуйааччыларга араас таһымнаах анал ааттары, наҕараадалары туттардылар. 36 сыл устата Дьокуускай 4-үс нүөмэрдээх коррекционнай оскуолатыгар үлэлээбит Лена Ноговицына үтүөлээх үлэһит үрдүк аатын ылла. Учуйааччы идэлээх салгыы үлэлиирбэр-хамсыырбар эбии кынат буолла диэн сэһэргээтэ.
Лена Ноговицына, Дьокуускай 4№-дээх анал коррекционнай оскуола дириэктэрэ: «Ханнык баҕар наҕараада, хайҕабыл киһини кынаттыыр, киһи өссө үчүгэйдик үлэлиэн баҕарар».
Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана - Айсен Николаев кэпсэтиигэ үөрэҕэрии эйгэтэ биир уопсай ситимин 2030 сылга диэри күүскэ сайыннарарга сыал туруорда. Ол аата уһуйааннар, оскуолалар уонна үрдүк үөрэх кыһалара тус-туспа буолбакка, биир хайысхалаах, сыаллаах-соруктаах үлэлиэхтээхтэр. Маны таһынан Айсен Николаев 2018 сылтан уопсайа 55 уһуйаан уонна 57 оскуола саҥа дьиэлэрэ тутулунна диэн бэлиэтээтэ.
Инникитин оҕолору үөрэтэр-такайар, уһуйааччы идэтин быһылыыр баҕа санаалаах устудьуоннар тэрээһиҥҥэ көхтөөх кыттыыны ыллылар. Ол курдук Бүлүүтээҕи, Намнааҕы уонна Дьокуускайдааҕы педагогическай колледжтар иитиллээччилэрэ араас маастар кылаастары көрдөрдүлэр.
Айаал Копырин, устудьуон: «Оҕолору кытта дьарыктанабыт, үлэлиибит. Сайыҥҥы өттүгэр биһиги лааҕырдарга үлэлии барабыт».
Тэрээһин дойду судаарыстыбаннай былааҕын күнүн, Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Саха сиригэр оҕо саас сылларын чэрчилэринэн ыытылынна. Манна өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай хамсааһыннара, оҕо лааҕырдара уонна да атын тэрилтэлэр сатабылларын, билиилэрин-көрүүлэрин бэйэ-бэйэлэригэр үллэһиннилэр. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэ күнү көрүстүлэр.
Нюргуна Соколова, СӨ үөрэх уонна билим миниистирэ: «Сайын устата биһиги оҕолорбут, устудьуоннарбыт хайдах үлэлээбиттэрин кэлэн кэпсииллэр. Ону биһи сайыҥҥы сынньалаҥмытын уонна үлэбитин түмүктүүр күммүт буолар».
Саха сиригэр, бүтүн Арассыыйаҕа үөрэх таһыма сайдарыгар, оҕолор патриоттуу өйдөбүллээх, этиин-сиинниин, өйдүүн-санаалыын күүстээх буола уулааталларыгар улахан болҕомто ууруллар.