Бүлүүгэ норуоттар икки ардыларынааҕы Тимир уустар бэстибээллэрэ ыытылла турар
Кырылас кумахтаах ытык Бүлүү куоратыгар норуоттар икки ардыларынааҕы Тимир уустарын бэстибээлигэр Өрөспүүбүлүкэбит үгүс улуустарыттан итиэннэ тас дойдулартан илиилэригэр дьоҕурдаах, көмүс тарбахтардаах, мындыр толкуйдаах дьон түмүстэ. Бэстибээл сарсын түмүктэниэхтээх. Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан бу киэҥ хабааннаах тэрээһиҥҥэ Саха сирин норуотун маастара Леонид Говоров салалтатынан 7 уус кытта кэлбит. Салгыы, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгиттэн бэстибээл кыттыылааҕа тимир ууһа Василий Макаров тэрээһин туһунан санаатын үллэстэр.