Үөһээ Бүлүү Нам Хомустааҕар нэһилиэгэр саҥа култуура киинэ аһыллыаҕа
Бастаан киирэт да моҕол ураһаҕа киирбит курдук санааны үөскэтэр култуура киинэ Нам нэһилиэгин Хомустааҕар дьэндэйэн турар. Саҥа эбийиэк аныгы ирдэбилгэ толору эппиэтиир. Сып-сырдык, киэҥ-куоҥ. Тыа нэһилэктэригэр маннык кииннэр аҕыйахтар диэтэхпитинэ сыыспаппыт.
Чахчы, эбийиэк 5 сыл устата тутуллубута. Ол эрэн билигин ис бараанын оҥоһуутуттан эрэ иҥнэн турар. 2022 сыллаахха докумуонунан бүтэн турар эбиийэк, ити эрэ төрүөттэн иҥнэн турар.
Александр Кардашевский, "Нам" МТ баһылыга: «Номнуо киирэн үлэлиэххэ да сөп курдук. Ол гынан баран ис бараанын оҥоттороору гынабыт. Оройуон быһыытынан харчы ыллыбыт 9.4 мөл. Балаҕан ыйыттан үлэ саҕаланыаҕа. Үтүө дьыла бырайыагынан тутуута эрэ этэ. Кыһын үлэҕэ киллэриэхтээхпит».
Онон билигин Саха сирин аатырбыт норуодунай поэта Петр Тобуруокап уонна билиилээх норуодунай ырыаһыт Анегина Ильина, Намнар эмиэ тумус туттар кыыстара, ырыаһыт Феодосия Шахурдина төрөөбүт түөлбэлэригэр култуура киинэ суох олороллор. 2012 сыллаахха Намнар кулууптара хаарбах туругунан сабыллыбыта. Онон күн бүгүн култуура үлэһиттэрэ спортивнай саалааҕа үлэлии олороллор. Ол иһин саҥа эбийиэк үлэҕэ киирэрин саамай кэтэһэр дьон - үлэһиттэр.
Мичилийэ Фёдорова, Намнааҕы култуура киинин түмсүүлэрин салайааччыта: «Саҥа кулууп тутуллуутун наһаа кэтэспиппит. Спортивнай саалага үлэлээбиппит уонтан тахса сыл буолла».
Маныаха манна ЗАГС салаата, креативнай кластер арыллара былааннанар. Нэһилиэк түөлбэлэрин салайааччылара эмиэ манна туспа хостонуохтара. Итиэннэ түмсүүлэр толору үлэлииллэригэр усулуобуйа барыта тэриллиэҕэ.
Мария Егорова, "Көмүлүөк" түмсүү салайааччыта: «Маҕаһыын дьиэтигэр үлэлээбиппит. Билигин ахсааммытынан 18-пыт. 30 сылы быһа нэһилиэккэ култуура эҥэригэр үлэ бөҕөтүн үлэлээтибит дии саныыбыт. Үлэлээн олорбуппутугар кулууппут кыргыттарыгар сүрдээх улахан махтал».
Ил Дархан Айсен Николаев соторутааҕыта үлэтинэн кэлэ сылдьыбыт сырыытыгар тустаах култуура киинин быйыл киллэрэргэ сорудахтаабыта.