Саха сиригэр бастакытын туристическай многоборьеҕа күрэх буолан ааста
Саамай ыарахан түһүмэх тыыннаах баҕалары уонна ардах чиэрбэлэрин бириэмэҕэ тыыннаахтыы сиэһин. Күрэх кыттааччылара бу сорудаҕы туох да эҥкилэ суох толороллор. Бу түһүмэххэ саамай түргэнник сиэн кыайыылаах аатын Мэҥэ-Хаҥалас кыыһа Аграфена Яковлева ылары ситиһэр.
Аан бастакытын Саха сиригэр Санаа күүһэ диэн ааттаах туристическай многоборьеҕа күрэх ыытыллынна. Өрөспүүбүлкэҕэ маннык хайысхалаах хаһан да буола илик тэрээһини Өлүөнэ очуостара айылҕа паарката көҕүлээһининэн, урбаан, туризм уонна спорт министиэристибэтин көҕүлээһининэн бу тэрээһин 5 күн устата ааста.
Аркадий Семёнов "Өлүөнэ очуостара" айылҕа пааркатын салайааччыта: «Туризм хайысхата уонна чөл олоххо сайдыы өйөөһүҥҥэ наадалаах. Тэрийээччилэри кытары сүбэлэһэн маннык күрэх сыл аайы ыытыахпыт диэн быһаарынныбыт. Эһиил бириистэрбит өссө үчүгэй буолуо».
Уопсайа 12 улуустан кыттааччылар күрэхтэстилэр. Бастаан хамаандаларга арахсан, ол курдук уу аалынан, балыктааһыҥҥа, тыа быыһыгар сөптөөх хайысханы булуу түһүмэҕэр, сүүрүүгэ күөн көрсүбүттэрэ. Онтон хамаандалар сыыйыллан, соҕотохтуу хаалан, 5 күрэхтэһээччи финаалга тиийэн 5 түһүмэҕи аастылар.
Ол курдук, чөҥөчөххө биир атаҕынан турууга, ыараханы көтөҕүүгэ, бастакы көмөҕө, илии күүһүн тургутар түһүмэхтэр аастылар.
Аграфена Яковлева, күрэх кыттыылааҕа: «Тэрээһин үчүгэй, бастакытын ыытыллар буолан тэрийээччилэр барытын ыйытан иһэллэр. Ол иһин эһиил тупсуо».
Евгений Гаврильев, күрэх кыттыылааҕа: «Мин санаабар номнуо кыайдым дии саныыбын манна кэлэн. Үчүгэй баҕайы манна».
Сергей Олесов, күрэх кыттыылааҕа: «Атах күүһэ быһаарар эбит, биирдэ хардыылаан хотторон хааллым».
Чахчы, бачча ыраах сиргэ үгүс кыттааччыны биир сиргэ түмэн, аһатан-сиэтэн, олороллоругар усулуобуйа тэрийэн, туох баар ирдэбили тутуһан тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста. Кыттааччылар ону олус сыаналаатылар.
Алгыс Кардашевский, күрэх кыттыылааҕа: «Эдьиийбит 65 сааһын туолла. Бары үчүгэй баҕайытык сырыттыбыт, сынньанан. Эһиил хайаан да кэлиэххэ наада».
Оттон тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн, бу элбэх түһүмэҕи ааһан 3 баҕаны, 7 чиэрбэни сиэн, биир атаҕынан чөҥөчөххө туран, ыараханы көтөҕөн онтон да араас ыарахан сорудахтары толорон, муҥуутуур кыайыылааҕынан Лилия Варламова ылары ситистэ уонна 10000 тыһ. солкуобай хаһаайкатынан буолла.
Лилия Варламова, күрэх муҥуутуур кыайыылааҕа: «Тэрийээччилэргэ улахан махтал. Наһаа үчүгэй күрэхтэһии ааста. Хас да күн иһигэр сынньанан, күрэхтэһэн, бэйэбитин тургутан көрөн. Өссө элбэх киһи кэлэн кытыннын уонна таһыма үрдүү турдун».
Бу курдук "Өлүөнэ очуостара" кубогар туристическай многоборьеҕа күрэх үгэскэ кубулуйан сыллата ыыттыллыаҕа