"Дьонноох буоламмын" диэн ааттаах кинигэ сүрэхтэнэр бэлиэ тэрээһинэ ыытылынна

102 Кыыдаана Иванова

Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга улахан кылааты киллэрбит, үгүс ыччаты үөрэхтээбит, «Аҕа дойду сэриитигэр 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээл, Гражданскай килбиэн мэтээл хаһаайына,  СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Мария Егоровна Борисова (Птицына) төрөөбүтэ 100 сылын көрсө, кини сырдык аатыгар анаммыт "Дьонноох буоламмын" диэн ааттаах кинигэ сүрэхтэнэр бэлиэ тэрээһинэ ыытылынна. Кинигэҕэ 1-кы Тыыллыма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Мария Егоровна тус бэйэтэ өр сылларга суруйбут ахтыылара тиһиллэн оҕо сааһа, олоҕо-дьаһаҕа, үлэтэ-хамнаһа сырдатыллыбыт. Бу туһунан кинигэни толорооччу, СӨ үтүөлээх экономиһа Владимир Птицын кэпсиир.