Саха сиригэр булчуттар айылҕаҕа тахсаары бэлэмнэнии үөһүгэр сылдьаллар

70

Бу нэдиэлэ бүтүүтэ, ол эбэтэр атырдьах ыйын 17 күнүттэн булт кэмэ саҕаланар. Күһүҥҥү куска тахсар баҕа санаалаахтар билигин докумуон эккирэтэһиитин үгэнигэр сылдьаллар. Сааларын туругун, анал нүөмэрдэрин инспиэктэр идэлээхтэргэ бэрэбиэркэлэтэллэр.

Булт диэн баран муннукка ытаабыт Прокопий Захаров күһүҥҥү куска тахсаары докумуоннарын эккирэтиһэ тустаах биэдимистибэҕэ кэлбит. Тыа сиригэр улааппыт буоламмын айылҕалыын алтыһарбын туохтааҕар да ордоробун, куска булт кэмин көтүппэппин диэн сэһэргээтэ. Сотору кэминэн таптыыр дьарыгар айылҕаҕа тахсарыттан үөрэр-көтөр.

Прокопий Захаров, булчут: «Ирдэбил баара эмиэ сөптөөх. Билиҥҥи кэмҥэ саа мээнэ дьоҥҥо баара кутталлаах».

Ыар буруйу оҥорон сууттаммыт, итирик туруктаах уруулга олорон тутуллубут, буруйу оҥорооһуҥҥа уорбаланар дьоҥҥо-сэргэҕэ саа ыларга көҥүл бэриллимиэн сөп. Маны таһынан булчуттар быраастар хамыыһыйаларын кэмигэр ааһаллара ирдэнэр.

Сергей Никитин, Росгвардия Саха сиринээҕи салалтатын Дьокуускай куорат уонна Жатай уокуруктарын салаатын лицензияны, көҥүлү биэрэр уонна саа эргиирин хонтуруоллуур  салайааччыны солбуйааччы: «Өскөтүн биир сыл саалаах киһи хамыыһыйа барбат түгэнигэр саатын көҥүлэ төһө да сроктааҕын үрдүнэн бу саа сокуонун 26 ыстатыйатын көрүүтүнэн саатын болдьоҕо быһыллар. Ол түмүгэр кини саатын ыстааһа сүтүөн сөп уонна саатын биһиэхэ туттарыахтаах».

Айаҥҥа, тыаҕа сыалдьан булчуттар саа сүтэрэр, ууга тимирдэр түгэннэрэ сэдэх көстүү буолбатах. Бу курдук дьалаҕай хамсаныы эппиэтинэскэ тардыан сөп. Онон айылҕаҕа сылдьан болҕомтолоох буолар ирдэнэр.

Аина Слепцова, Росгвардия Саха сиринээҕи салалтатын Дьокуускай куорат уонна Жатай уокуруктарын лицензияны, көҥүлү биэрэр салаатын иниспиэктэрэ: «Сааҕытын сүтэрэр түгэҥҥитигэр сокуон ирдэбилинэн биир күн иһигэр полиция отделыгар уонна сааҕа көҥүлү биэрэр отделга биллэриэхтээххит. Өскөтүн биллэрбэт түгэҥҥитигэр административнай эбэтэр уголовнай эппиэтинэскэ тардыллыаххытын сөп. Сааҕытын сүтэрии иһин административнай кодекс 20.8 ыстатыйа 4.3 чааһынан эппиэтинэскэ тардыллаҕыт. Ыстырааба 5-10 тыһ. диэри эбэтэр сааны илдьэ сылдьар болдьоххут 1-3 сылга диэри быһыллыан сөп».

Билиҥҥи туругунан киин куоракка 18 тыһ. тахса киһи саалааҕа бэлиэтэнэр. Сыл саҕатыттан 418 саа сокуонугар административнай кэһии таҕыста. Онон билигин дурдаҕа барыах иннинэ үчүгэйдик сокуоннары ааҕан, үөрэтэн барар тоҕоостоох диэн инспиэктэр идэлээхтэр тоһоҕолоон этэллэр.