Хаҥалас улууһугар тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин түмэр Хонуу күнэ ааста
"Лүксүгүн" экоферма тутаах үлэһитэ Альбина Ионова Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһиҥҥэ ох курдук оҥостон кэлбит. Кинилэр ыҥырыаларын бородууксуйата - мүөт үгүс дьон сэҥээриитин ылла.
Альбина Ионова, "Лүксүгүн" экоферма үлэһитэ: «Биһи улахан хаһаайыстыбабыт, Хонуу күнүгэр анаан оҥостон кэлэн олоробут. Татарстантан кэлбит улейтан бэйэбит иитэн таһаарбыт 67 пчелосемьялаахпыт. Бу бырайыак сайдыыта экоферма “Лүксүгүн” диэн».
Күн бүгүн ытык Эркээни хочотугар бу Альбина Ионова курдук тыа хаһаайыстыбатын өрө туппут, буһа-хата үлэлии сылдьар дьону түмэр-сомоҕолуур, үлэлэрин хаачыстыбыларын үрдэтэр сыаллаах-соруктаах, семинар - субэ-мунньах Хонуу күнэ үтүмэн ыалдьыттары түмтэ. Өбүгэ сиэринэн сир иччилэрин күндүлээн, тэрээһин арыллар.
Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ Москва куораттан Арассыыйа наукаларын академиятын бэрэссэдиэнэ Петр Чекмарев кэлэн ыалдьыттаан, Саха сирин кэллиэгэлэрин кытары сана үйэ технологиятын - агродроннары сүрэхтээтэ, кэпсээтэ. Кэлбит ыалдьыттарга дрону көтүтэн көрдөрдүлэр.
Сахаяна Павлова, СӨ ТХМ миниистирин солбуйааччы: «Агродрон үлэлииригэр сүрдээх элбэх тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин таһымыгар сэһэргэһиилэр ыытыллыбыттара. Хонуу күнүгэр тыа хаһаайыстыбанан дьарыктанар улуустарбыт бэрэстэбиитэллэрэ кэллилэр».
Чахчы, Хонуу күнэ үгүс хаһаайысытабалары түмтэ. Улахан быыстапка-дьаарбаҥкаҕа Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтиттэн саҕалаан ыраах сытар улуустарбытыгар тиийэ кэлбиттэр. Холобура, Кэбээйи улууһун биир тарбахха баттанар Томтор хаһаайыстыбата эмиэ ох курдук оҥостон кэлбит. Эмиэ бэйэтин бородууксуйатын дьон дьүүлүгэр таһаарбыт.
Софья Кобякова, "Томтор" кээпирэтип бэрэссэдээтэлэ: «Тэрилтэбит 2010 сыллаахха тэриллибитэ. 6 араас бородууксуйа оҥоробут. Сүрүнүн Кэбээйи улууһугар уонна куоракка ыытабыт. 3 оҕо уһуйаанын уонна оскуоланы үүт аһынан хааччыйабыт».
Маны тэҥэ хас да бөлөхтөрүнэн хайдан, олохтоох оҥорон таһаараччылары кытары төгүрүк остуоллар аастылар. Улахан хабааннаах кэпсэтиилэр аастылар.
Оттон Хонуу күнэ быйыл хаһааҥытааҕар да уратытык, киэҥ хабааһыннаахтык ыытыллынна. Манна чопчулаан эттэххэ, эһиил былаан быһыытынан бу миэстэҕэ Арассыыйа таһымнаах маннык тэрээһин ыытыллара күүтүллэр.