Дьокуускайга саха музейыгар СӨ норуот маастарын быыстапката аһылынна
Людмила Жиркова 2013 сыллахтан ыла Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара үрдүкү ааты сүгэр. Бастаан хобби быһыытынан үлүһүйэн баран дэгиттэр маастарга кубулуйан билигин баҕалаахтары иис алыптаах абылыҥар уһуйар. Людмила Петровна уонна кини үөрэнээччилэри айар быыстапкатыгар төрүт иис былыргы үгэстэн билиҥҥи кэмҥэ диэри хаамыытын кэрэһэлиир ураты бэйэлээх оҥоһуктара, таҥаһа-саба, киэргэллэрэ дьон киэҥ көрүүтүгэр таҕыстылар.
Людмила Жиркова, СӨ норуот маастара,"Үктэл" айар түмсүү салайааччыта: «Бу сахалыы киэргэл ойууларбыт ис хоһоонун кытта тутуһан, технологиятыгар диэри тутуһан, ол гынан баран аныгы үйэҕэ туох уларытыынан киһи сайыннарыыны киллэриэн сөбүй диэни көрөммүт үлэлэрбитин оҥорбуппутун таһаардыбыт»
Норуот маастара, СӨ культуратын туйгуна, дойдубут уопсай үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, учууталлар учууталлара Людмила Жиркова ииһинэн анаан-минээн дьарыктаммыта уонтан тахса сыл буолла. Людмила Петровна 20-тэн тахса сыл устата куорат оскуолатыгар оҕолору-уолаттары маһынан уһанарга, кыргыттары иис кистэлэҥнэригэр уһуйан кэлбитэ. Кини үөрэнээччилэрэ оччоттон баччааҥҥа диэри араас быыстапкаларга бэрт ситиһиилээхтик кыттаннар, Людмила Петровна күн бүгүнүгэр диэри үөрэнээччилэрин ситиһиилэринэн кынаттанар.
Татьяна Старостина, саха музейын фондатын харайааччы: «Кини үөрэппит оҕото Коченкова диэн нуучча оҕото бу Абакаяда мэтириэтин быысыпкалаан мусуойга бэлэхтээбитэ».
Быыстапкаҕа 250-тан тахса араас оҥоһук турда. Манна төрүт үгэскэ олоҕурбут үлэлэри тэҥэ, аныгы кэм айымньыларын дьүөрэлии көрүөххэ сөп. Маастар биир бөдөҥ бырайыагынан быысапкананан тигиллибит Саха сирин картата буолар. Бу ураты уһулуччу айымньыны Людмила Петровна 3 маастары кытта бүтүн 6 ый устата тигэн бэлэмнэбиттэрэ.
Людмила Петровна “Үктэл” диэн айар устуудьуйа тэрийэн иистэниэн баҕалаахтары үөрэтэр, уһуйар. Кини түмсүүтэ норуоттар икки ардыларынааҕы көрүү-күрэхтэргэ кыайыы көтөллөх аргыстанар. Бүгүҥҥү күҥҥэ Людмила Петровна 60-тан тахса үөрэнээччилээх, ол иһигэр 2 норуот маастара, 5 уус-уран оҥоһук маастарын иитэн таһаарда.
Людмила Жиркова, СӨ норуот маастара,"Үктэл" айар түмсүү салайааччыта: «Сыл аайы хомуйабыт, ол иһин көлүөнэ курдук бөлөхтөрүнэн сылдьаллар. Үөрэнэрбитигэр бастаан сүрүн сатабылларын кытта билиилэрин биэрэн баран, ол кэннэ биирдэ бырайыакка киллэрэбин уонна онтон салгыы сайыннаран, бэйэлэрэ баҕаларынан оҥорон киирэн бараллар».
Төрүт иис үрдүкү таһым маастарыстыбатын кэрэһэлиир быыстапка Ярославскай аатынан Саха сирин хотугу норуоттарын культураларын уонна историяларын түмэлигэр балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ.