Саха сиригэр анал байыаннай дьайыыга сылдьар эр дьоҥҥо көмөнү ыытыы салҕанар
Анал байыаннай дьайыыга сылдьар саха байыастарыгар күүс-көмө ситимин быспакка оҥоһулла турар. Ол курдук, тыаһа суох электромотоцикллары таҥан ыытааллар. Эрдэ боруобаҕа диэн ыыта сылдьыбыттара. Билигин тустаах тимир көлө табыгастааҕын көрдөрөн, тургутууну ааһан байыастарга биир бастыҥ тиэхиньикэ буолла.
Иннокентий Ноговицын, "Зелёная энергия" тэрилтэ сүрүн инженерэ: «Билиҥҥи туругунан 6 электроэндуро ыыттыбыт уонна биир беспилотнай эвакуатор. Байыастары кытта сибээс тута сылдьабыт. Уларыйыы наадатын киллэрэбит».
Сахалар оҥорон таһаарар тиэхиникэлэрэ бары билэр боростуой мотоциклларбытыттан байыастар үлэлиир уустук усулуобуйаларыгар быдан табыгастаах. Кини ыйааһына чэпчэки, уот күүһүнэн барар буолан тыас таһаарбат уонна тэтимнээх ускуораһы холкутук тутар.
Анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытын тиэхиньикэнэн эрэ буолбакка таҥаһынан-сабынан уонна да атын уустук усулуобуйарга табыгастаах малынан-салынан хааччыйаллар. "Якутия с тобой" уопсастыбаннай хамсааһын волонтёрдара күн өрүүр диэни билбэккэ сыралаах үлэлэригэр бүтүннүү умсаллар. Тигэр массыына тыаһа-ууһа тохтообот.
Кыһамньылаах маастардар уран тарбахтарынан байыастарга табыгастаах таҥаһы-сабы, дьон, тиэхиньикэ хараҕыттан кистиир сеткалары өрөллөр. Волонтердар сыралаах үлэлэрин байыастар үрдүктүк сыаналыыллара, махтаналлара үлэлииргэ-хамсыырга өссө кынаттаан биэрэр диэн сэһэргииллэр.
Анна Ефимова, "Якутия с тобой" хамсааһын сопредседателэ: «Билиҥҥи туругунан 107 туонна гуманитарнай көмөнү ыыттыбыт уонна ааспыт нэдиэлэҕэ 400 кг ыыттыбыт. Биһи испитинэн 2300-кэ кэриэтэ волонтер көмөлөстө».
Гала Спиридонова бэйэтэ колледж остолобуойугар үлэлиир. Иллэҥ кэмигэр "Якутия с тобой" волонтерскай хамсааһыҥҥа иистэнэр. Билигин уоппускаҕа тахсан бириэмэтэ элбээн күнүн барытын сыахха атаарар. Байыастарбыт этэҥҥэ доруобай, кыайыы аргыстаах дойдуларыгар эргиллэн кэлэллэрин туһугар үлэлиибит диэн кэпсээтэ.
Гала Спиридонова, волонтёр: «Саха сирэ кинилэри хаалларбакка эрэ өйөөн. Биһи боростуой уопсастыбынас иллэҥ кэммитигэр, эбээлэр биэнсийҕэ олороллор, күн аайы сылдьаллар, тигэллэр, сиэккэ өрөллөр. Ити барыта суолталаах, туһалаах - уолаттар санааларын кытаатыннарарга наадалаах».
Биир дойдулаахтарбыт кыайыы аргыстаах дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэллэрин туһугар үтүө санаалаах дьон-сэргэ араас хайысхаларынан ким тугу сатыырынан, кыайарынан бары күүһү уураллар.