Өрөспүүбүлүкэҕэ оттооһун салҕанар
Тыраахтыр үлэлиир тыаһа тохтообот, ходуһаҕа ырыаҕа ылланар, хоһооҥҥо хоһуллар охсуллубут от сыта дыргыйар. "Багарах" хаһаайыстыба от үлэтин түмүктүүр түһүмэҕэр үктэннэ. Үлэһиттэр этэллэринэн арыыларга от үүнүүтэ былырыыҥҥытааҕар мөлтөх эрээри кыстыгы туоруурга сөптөөх от баар. Онон туруоруллубут былааны холкутук толорор сыаллаахтар.
Иван Сивцев, "Багарах" хаһаайыстыба салайааччыта: «Быйылгы былаан 1,5 тыһ. туонна от. 1 тыһ. туонна сиилэс уонна 350 туонна сенаж. Бүгүҥҥү күҥҥэ оппут 70% оҥордубут. Былаанынан икки нэдиэлэнэн бүтэриэхтээхпит, күн-дьыл туран биэриэн наада».
Охсуллубут оту тыраахтыр мустарбытын кэннэ тутатына пресстыыр тэрил эриттэрэн утуу-субуу бэлэмнээбит рулоннарын хаалларан иһэр.
Оччуттар төһө кыалларынан түргэн тэтимнэрин быспакка үлэлииллэр. 26 саастаах эдэр тырахтарыыс Денис Мордовской "Багарах" хаһаайыстыбаҕа 2014 сылтан үлэлии-хамсыы сылдьар. Тыа хаһаайыстыбата Саха сиригэр сайдар кэскиллээх салаа диэн санааҕа сиэттэрэн, салгыы даҕаны номнуо таптаабыт идэтин ыһыктар былаана суох. Сиик көтүөҕүттэн сиик түһүөр диэри күн ахсын от үлэтигэр умсабыт диэн сэһэргээтэ.
Денис Мордовской, "Багарах" хаһаайыстыба үлэһитэ: «Күҥҥэ 150 игин түһэрэбит. Халлаан туругуттан тутулуктаах».
Рулоннанан бүппүт оту анал тиэхиникэ кэлэн сеннажнай пленканан суулуур. Маннык технологияны Хатастааҕы хаһаайыстыба быйыл саҥа баһылаата.
Бу курдук сууламмыт от ардахха сытыйбат, салгыҥҥа, күн анныгар туран куурбат. Оччоҕуна икки сыл кэриҥэ кэм устата буорту буолуо суохтаах.
Үлэһиттэр тэтими бытаардар күчүмэҕэйдэр көстүбэттэр, халлаан туран биэрдэ диэн үөрэ саныыллар. Оччуттар этэллэринэн былырыыҥҥы сылы кытта тэҥнээн көрдөххө үлэ хойутааһына суох баран иһэр.
Иннокентий Саввинов, "Багарах" хаһаайыстыба үлэһитэ: «Быйыл өрөмүөн үлэтэ элбэх этэ. Былааммыт улахан аҥарын оҥордубут».
Сайын устата оччуттар тохпут көлөһүннэрэ, утумнаах үлэлэрэ хороҕор муостаах уонна сыспай сиэллээх кыһыны туоруур астарын-үөллэрин хааччыйыаҕа. Кылгас кэмнээх сайыны баттаһан аны күһүҥҥэ диэри Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн от үлэтэ тохтуур диэни билбэккэ үгэннээн туруоҕа.