Хаҥалас улууһугар "Агро-ыллык" ураты бырайыак олоххо киирдэ
Агроинженер идэтин баһылаары сылдьар, Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическай университет Өктөмнөөҕү филиалын 2 кууруһун устудьуона Кирилл Филиппов сайыҥҥы сынньалаҥар быар куустан олорбокко бааһынаҕа үлэлиир. Кинини кытары өссө хас да устудьуон университет "Агро-ыллык" диэн ааттаах саҥа бырайыагар билиилэрин да хаҥатаары, практическай үлэҕэ сысталлар.
Кирилл Филиппов, Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическай университет Өктөмнөөҕү филиалын 2 кууруһун устудьуона: «Сыыс оттуубут, бааһынаны көрөбүт. Алтабыт, билии эбинэбит».
Тустаах үөрэх кыһата бэйэтин бааһынатыгар бу бырайыагы олоххо киллэрэр. Манна тыа хаһаайыстыбатын туризмы кытары дьүөрэлээн үлэ барыаҕа. Билигин манна оҕуруот аһа, туорахтаах култуура үүннэриллэр. Бу олордуулар барыта наарданан, ыллык курдук тураллар, ол иһин тустаах бырайыак "Агро-ыллык диэн ааттаммыт"
Агафья Платонова, Арктическай судаарыстыбыннай агротехнологическай университет Өктөмнөөҕү филиалын кылаабынай научнай үлэһитэ: «Сыалбыт сорукпут – имиджевай политиканы үрдүккэ таһаарааһын диэн. Хайдах Саха сиригэр технологиялар туттуулалларын көрөбүт. Холобура, бу саҥа нетрадиционнай култууралары көрөн тураҕыт. Манна хас биирдии Саха сирин олохтооҕо кэлэн ыалдьыттаан дуоһуйан, билиини билэн тахсыан сөп».
"Агро-ыллыкка" ким баҕалаах кэлэн ыалдьыттыан сөп. Миэстэтигэр агрономнары кытары көрсөн, сүбэ-ама ылан, хаартыскаҕа түһэн, Эркээни хочо кэрэтин көрөн, дууһалыын сынньаныан сөп диэн үлэһиттэр иһитиннэрэллэр. Маныаха саамай сүмэтэ - дьон мантан өттүк харалаах, илии тутуурдаах барыахтарын сөп.
Маны кытары манна научнай үлэ тиһигэ быһыллыбакка барар. Устудьуоннары, аспирааннары кытары уһуйааччылар бу "Трапезник" учаастакка диссертационнай, кэтээн көрөр чинчийиилэрин ыыталлар. Билигин саҥа сүүрээн киллэрии - агродроннарга улахан болҕомто ууруллар.
Михаил Павлов, Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическай университет Өктөмнөөҕү филиалын научнай-методическай киинин салайааччыта: «Быйыл дойду тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтинэн дроннары ылбыппыт. Мультиспектральнай камералах, ол аата сииктээх эбэтэр кураанах сирдэри көрдөрөр уонна ыарыылаах үүнээйилэри көрдөрөр. Анаалыс, картография оҥоробут. Спутниковай сибээс баар буолан оҥорорго чэпчэки».
Агротуризмы, тыа хаһаайыстыбатын науканы кытары ситимниир ураты бырайыак быйылгыттан үлэлээн саҕалаата. "Агро-ыллыкка" салгыы былаан киэҥ, өссө кэҥээн-сайдан, дьиэлэри тутан, кыыллары-сүөллэри тутар сорук баар.