Дьокуускайга "Табыгастаах куорат эйгэтин оҥоруу" бырайыагынан кэккэ эбийиэктэр тутулла сылдьаллар

53

Тулалыыр сири оҥоруу-тупсарыы кэнники сылларга тэтимнээхтик ыытыллар. Маныха бу хайысхаҕа нэһилиэнньэ быһаччы кыттар буолбута олорор сиригэр тупсаҕай эйгэни тэрийиигэ кыаҕы биэрэр. Хас саас ахсын кулун тутар ыйга дойду үрдүнэн кэлэр сылга общественнай сирдэри тупсарыыга онлайн-куоластааһын тэриллэр. Саха сиригэр улуустарынан, куораттарынан ханнык эбиийэк өрөмүөннэнэрин, оҥоһулларын нэһилиэнньэ бэйэтэ талар кыахтаах. Дьокуускайга хас даҕаны общественнай сир куоластааһыҥҥа киирэр уоннай кыайыылаах нөҥүө сылыгар үбүлэнэн үлэ барар.

Федора Алексеева, СӨ баһылыгын иһинэн архитектура уонна куораты тутуу салалтатын бырайыактыыр салаатын салайааччы: «Искибиэр Арассыыйа үрдүнэн ыытыллыбыт куоластааһыҥҥа кыайан быйыл тутулларга кыах ылбыта. Искибиэр бэйэтэ ыскамыайкалардаах, кыра тутуулардаах уонна киһи хаамар суоллаах».

Ол курдук "Табыгастаах куорат эйгэтин оҥоруу" бырайыагынан герой Федор Попов аатынан искибиэр баар буолуоҕа. Бу эбийиэк ааспыт сылга уопсастыбынай куоластааһыҥҥа хотон быйыл үбүлээһин көрүллэн үлэ бара турар. Искибиэр Дзержинскай уонна кини аатын сүгэр Федор Попов уулусатыгар силбэһиилэригэр тутуллан номнуо балаҕан ыйыгар бэлэм буолара күүтүллэр. Билигин эбийиэк туруохтаах сирин бэлэмнииллэр.  

Николай Бубякин, тутар тэрилтэ инженерэ: «Сирин бэлэмнии сылдьабыт, онтон тутуу барыа. Балаҕан ыйын 10 күнүгэр бүтэриэхтээхпит».

Искибиэргэ эһиил Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө герой Федор Попов пааматынньыгын туруоруохтара. Искибиэрдэри тэҥэ элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэргэ тиэргэн, оҕо уонна спортивнай былассааккалар тутуллаллар. Кальвица уулуссатыгар “Уһук Илин олбуордарын тупсарыы” бырайыагынан аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир оҕо былассааккатын оҥоруохтара. Манна футболуур хонуулаах, улахан оонньуур комплекс баар буолуоҕа.

Станислав Лукинов, тутар тэрилтэ үлэһитэ: «Олбуор өрөмүөнэ буола турар. Аныгыскы нэдиэлэҕэ аспаалбытын уурабыт. Сирин бэлэмнээтибит».

Былассаакка балаҕан ыйын бүтүүтэ бэлэм буолуохтаах. Бу нэдиэлэҕэ манна аспаалын, салгыы тэлгээһинин, күрүөтүн, онтон оонньуур комплексын таҥыы үлэлэрэ ыытыллыахтара. Олбуордары тэҥэ киин куоракка кытыллары оҥорууга болҕомто ууруллар.