Буотама өрүс Күөх Хайа сиригэр "Санаа күүһэ" диэн күрэх ыытыллыаҕа
Атырдьах ыйын 14-18 күннэригэр Буотама өрүс Күөх Хайа сиригэр «Санаа күүһэ» диэн ааттаах туристскай многоборьеҕа күрэх ыытыллыаҕа. Кыттааччылар сэттэ түһүмэҕи ааһыахтара, бэйэлэрин эт-хаан, тулуур өттүнэн тургутан көрүөхэтэрэ. Күрэх кыайыылааҕа 100 тыһыынча солкуобайынан наҕараадаланыаҕа. Бу туһунан сиһилии «Өлүөнэ очуостара» национальнай паарка туризмы сайыннарыыга сүрүн исписсэлииһэ Семен Слепцов сырдатта.