Нам улууһун Модут нэһилиэгэр саҥа таас оскуола тутуута күргүөмнээхтик ыытыллар
Тутуу үлэтэ ыытыллар тыаһа ыраахтан иһиллэр. Нэһилиэккэ саҥа таас оскуола дьиэтэ дьэндэйэр. Өр күүтүүлээх, кэтэһиилээх оскуола дьиэтэ хас биирдии олохтооххо - харах сымнатыыта. Сүүнэ улахан тутуутун "Намстрой" бэдэрээттиир тэрилтэ ылсан үлэлии сылдьар.
Данил Соловьёв, тутуу үлэтин прораба: «Таһынааҕы сылытыы 70% бүтэрдилэр, күрүө бэлэмнии сылдьаллар, сир планировката 90%».
Модут оскуолатын саҥа дьиэтин бастакы сыбаайата 2021 сыллаахха түспүтэ. Онтон ыла тутуу үлэтэ тохтообокко, тиһигин быспакка ыытыллар. Билигин үлэ улахан аҥара түмүктэннэ.
Нэһилиэккэ саҥа оскуола тутуутун туруорсубуттара ыраатта. Эргэ оскуолалара хаарбах туруктааҕынан ааҕыллан, көтөрүллэн, билигин оҕолор 3 сиринэн сылдьан үөрэнэргэ күһэллэллэр. Сорох-сорохтор олох да атын оскуолаларга көспүттэр. Онон бу сыл бүтүүтэ саҥа таас дьиэ тутуута бүтэн, олохтоохтору үөрдүөхтээх.
Ефим Гоголев, Модут нэһилиэгин баһылыга: «Биһи нэһилиэкпитгэр оскуола тутулларын үйэ аҥарын курдук күүппүппүт».
Билигин үлэһиттэр тэҥинэн хас да үлэни оҥороллор. Ким күрүө тутар, ким түннүк олордор, ким истиэнэ тэҥниир. Бары күргүөмүнэн күннэтэ саҥа эбийиэк үлэҕэ киирэрин чугаһаталлар. Онтон учууталлар саҥа дьиэҕэ киирэн үлэлээри бэлэмнэнэллэр.
Иван Тихонов, Модут орто оскуолатын дириэктэрэ: «Билигин оскуолабытыгар 114 оҕо үөрэнэр. Урукку оскуолабыт миэстэтигэр тутулла турар. Билигин начальнай оскуолабытыгар үөрэнэбит, кыралар спортзалга үөрэнэллэр».
Бу курдук өр сыллар тухары быһаарыллыбакка турбут тыын кыһалҕа олоххо киирэн эрэриттэн нэһилиэнньэ үөрэр эрэ. Аны барыта этэҥҥэ буоллаҕына оскуола оҕолоро саҥа 2025 сылы саҥа дьиэҕэ көрсүөхтэрэ.