"Халыма" бэдэрээлинэй суол сорох сирдэринэн күүскэ алдьанан айанньыттарга күчүмэҕэйи үөскэттэ

99

Дохсун ардах хаарыйбыт сирдэринэн буора сымныыр, бадараан үөскүүр. Маннык сирдэр оннооҕор хаар түһүөр диэри куураллара саарбах. Онон сайын-күһүн устата сир тоҥо илигинэ буорун уларыталлар. 2007 сылтан экскаватор диэн көлөттөн түспэккэ үлэлии-хамсыы сылдьар Николай Порядин Таатта суола алдьанар биир төрүөтүн кэпсиир.

Николай Порядин, суол үлэһитэ: «Манна сир тоҥо чугас сытар. Ирэр уонна уу үөскүүр».

Ирбэт тоҥ ууллар кэмигэр, өссө эбиитин ардах түстэҕинэ улахан кыамталаах көлө сири-буору бырастыы гыммакка үлтү хаһан кэбиһэр. Онон суолу оҥорооччулар сайын устата өрөмүөн түбүгэр сылдьаллар. Сорох ардыгар суукканы суукканан куйааһы, ардаҕы билиммэккэ үлэлииллэр.

Михаил Боппосов, суол маастара: «Биир сиргэ олорон үлэлээбэппит. Бу сайын күнүстэри түүннэри үлэлиир буоллубут».

Маннык кыһалҕа "Халыма" суолугар эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сытыытык турар. Үлэһиттэр манна өссө улахан кыамталаах массыналар айаннара уустуктары үөскэтэр диэн бэлиэтииллэр.

Александр Давыдов, "Бүлүү" суол салалтатын суолу көрөр-харайар салаа салайааччыта: «Бу үлэбит тохтообот. Эбии үп-харчы биэрбиппит “Таттаавтодорга”. Сайыны быһа уонна күһүнүн үлэлиэхтэрэ. Бу суолбутун чөлүгэр киллэриэхтээхпит».

"Халыма" суолун 190-с килэмиэтирэтиттэн 365-гэр диэри учаастагы "Таттаавтодор" тэрилтэ көрөр-истэр. Үлэһиттэр этэллэринэн суол 71% өр сыллар тухары өрөмүөннэммэккэ турар.

Роман Ефимов, "Таттаавтодор" генеральнай дириэктэрин солбуйааччы: «175,2 км – 124 км билиҥҥи туругунан “неремонт” диэн буолан турар».

Бэдэрээлинэй суолталаах суол туруга айан сырыытыгар табыгастаах буоларын туһугар, төһө да араас күчүмэҕэй үөскүү турарын үрдүнэн, бары күүһү уураллар.