Нам улууһугар сааскы халаан содулун туоратыы үлэтэ улахан аҥара үмүрүтүлүннэ
Винокуровтар дьиэ кэргэн быйыл саас улахан халаан уутуттан эмсэҕэлээн дьиэлэрин өрөмүөннүү сылдьаллар. Хаһааҥҥытааҕар да элбэх уу кэлэн дьиэлэрэ улаханнык эмсэҕэлээн, миэбэллэриттэн да тиэхиньикэлэриттэн да туох да ордубата. Онон аҕам саастаах дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр улаханнык оҕуста. Билигин Өрөспүүбүлүкэ сүүстүү тыһыынча көмө харчы биэрбитинэн уонна бэйэлэрин үптэрин күүһүнэн, аймахтарын көмөлөрүнэн оҥосто сылдьаллар.
Максим Винокуров, Модут нэһилиэгин олохтооҕо: «5 куб былаахы ылбыппыт тиийбэтэ, маспыт сыаната ыарахана да бэрт. Бу кэлэр үйэ ортотугар дылы улаханын бүтэрбит киһи. Бэйэм хоспор көһөн кэлиэм этэ».
Раиса Винокурова, Модут нэһилиэгин олохтооҕо: «Оросхуоппутун аахпыппыт 900 кэриэтэ буолла. Аны миэбэлбитигэр харчыбыт суох».
Онтон бу Гуляевтар дьиэ кэргэн хотонноро. Хороҕор муостааҕы ииппиттэрэ ыраатта. Былырыын 14 төбөнү кыстаппыттар. Билиҥҥи туругунан бары күүһү окко уураллар, ол кэннэ дьиэлэрин өрөмүөннээн бүтэрэн, хотоннорун салгыыр былааннаахтар.
Мария Гуляева, Модут нэһилиэгин олохтооҕо: «Улахан уу кэлэн эргэ хотоммутун олох күөрэ-лаҥкы ыытан барбыта. Модукка саамай намыһах олорооччулар биһи эҥэр ыаллар. Биһи хотоммут саамай күүскэ барбыта. Аныгылыы хотон бэйэбит күүспүтүнэн тутта сылдьабыт. 200-тэн тахса тыһ. барда. Өссө үп наада».
Ууга чааһынай дьон эрэ хотоно буолбакка тэриллиилээх хаһаайыстыбалар эмиэ бардылар. Ол курдук Тереховтар хотонноро эмиэ улаханнык эмсэҕэлээтэ, электрическай тэриллэ алдьанна. Уопсайа Модут нэһилиэгэ 70-ча быраһыана сааскы халаантан эмсэҕэлээбитэ. 45 хотон ууга суураллыбыта.
Николай Ядрихинскай, Модут нэһилиэгин дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ: «45 хотонум ууга барда. Уопсайа 9 улахан эчэйиини ылбыт ЛПХ хотонноохпун».
Нэһилиэккэ үгүс суол ууга былдьанан алдьаммыта. Ону олохтоохтор бэйэлэрин күүстэринэн, дьаһалта кыаҕынан кыра-кыралаан өрөмүөннүүллэр. Бэдэрээлинэй үп көмөтүгэр 4 суол хапсан турар. Билигин үбүлээһини күүтэллэр.
Билиҥҥи туругунан үгүс дьон бары күүһү окко уураллар. Сорох дьон дьиэтин, хотонун оҥостор. Онтон сорохтор көмө харчы түһүөхтээҕин күүтэллэр.
Ефим Гоголев, Модут нэһилиэгин баһылыга: «Дьиэ өттүтүгэр дьон үп-харчы кэтэһэллэр. Кыһын буолара биир ый хаалла ол тухары быһаарыллыбакка сылдьар. Бэйэлэрин күүстэринэн дьоннор туттан номнуо бүтэрэн эрэллэр. Бэдэрээччиттэр 3-4 дьиэрэи ыланнар оҥоро сылдьаллар».
Бүтэһик сайыҥҥы ый саҕаланна. Олохтоохтор аны күһүн дьиэлэрин, хотоннорун, суолларын оҥостон кыстыкка этэҥҥэ киирбит киһи диэн баҕалаахтар. Ол эрэн өрөмүөн үлэтигэр бэриллиэхтээх харчы түргэн соҕустук түһэрэ буоллар диэн эрэх-турах санааларын биллэрэллэр.