Хатас нэһилиэгин олохтооҕо оҕуруот аһын эгэлгэтин үүннэрэр
Хатас олохтооҕо Надежда Егоровна Баишева тэлгэһэтигэр киирдиҥ да отонноох мастартан саҕалаан өлгөмнүк үүнэн турар оҕуруот аһын көрөҕүн. Уопуттаах хаһаайка, оҕуруотчут төһө да бочуоттаах сынньалаҥар олордор, сайын кини саамай үлэлээх, түбүктээх кэмэ. Надежда Егоровна биһиги устар бөлөххө кэрийэ сылдьан хас биирдии үүнээйитин кэпсиир.
Надежда Баишева, Хатас нэһилиэгин олохтооҕо: «Бу жимолость атыыласпытым, эмтээн бараммын хортуоппуй хаҕын уктум онтум бу наһаа өлгөмнүк үүннэ уонна ас бөҕөтүн биэрдэ».
Жимолоһы таһынан отонноох мастартан Надежда Егоровна вишняны уонна моонньоҕону олордубут. Номнуо астананнар, бу күннэргэ өлгөм үүнүүнү хомуйа сылдьар. Кини туох барыта сыралаах үлэттэн тахсар. Хас биирдии үүнээйини бүөбэйдээн, көрөн-истэн киһи улаатыннарар уонна онтон кыһыҥҥы хаһааһын булунар диэн этэр. Маныаха отонноох мастартан быйыл аан бастакытын санберия диэни олордубут.
Надежда Баишева, Хатас нэһилиэгин олохтооҕо: «Битэмииннээх, харахха уонна дабылыанньаҕа үчүгэй. Отонун куурдан баран бытарыттахына сиэмэтэ тахсар, ону ылан олордубутум. Сүрдээх элбэх отон тахсар эбит».
Оттон түгэни мүччү туппакка биһиги устар бөлөхпүт бу отону боруобалаан көрдүбүт.
Отонноох мастары кэрийэн аны хаһаайка оҕуруотун көрдөрөр. Кирээдэҕэ кабачок, хаппыыста, моркуоп, хортуоска хото үүнэн тураллар. Быйыл кабачокка саҥа ураты кирээккэ оҥорбуттар.
Надежда Баишева, Хатас нэһилиэгин олохтооҕо: «Кэрэгним эргэ буочукалары ортотунан быһан баран, түгэҕин быһан баран дьаама хаспыппыт, түгэҕэр сэбирдэх укпутум».
Оттон хаппыыстаны, хортуосканы кытта дьукаахтыы кирээккэҕэ помидор үүнэн турар. Бу хайахсыт диэн сахалар суортарын олордубута номнуо ас биэрэн ырааппыт. Маны тэҥэ быйыл хаппыыста үчүгэйдик үүннэ диэн үллэстэр
Надежда Баишева, Хатас нэһилиэгин олохтооҕо: «Быйыл хаппыыста үчүгэй, үөн сиэбэтэ. Саамай көрүүтэ диэн тээпкэлии сылдьыахха наада, оччоҕуна үчүгэйдик үүнэр».
Помидор, кабачок, минньигэс пиэрэс ас биэрэн ырааппыт эбит буоллаҕына, оҕурсута саҥа астанан эрэр. Ол эрэн кыһыҥҥы хаһааска, бэйэ сииригэр тиийэр диэн хаһаайка этэр. Сайын устата уурбут сырата күһүн хайаан да үтүө түмүктээх буоларын бэлиэтээтэ. Онон оҕуруоту, отонноох мастары күннэтэ көрө-истэ сырыттахха өлгөм үүнүүнү ылан кыһыҥҥы хаһааһы киһи булунар.