Саха сиригэр уйгу-быйан үрүҥ илгэ аһа дэлэйэн турар кэмэ
Сарсыарда 6 чаастан хотон үлэтин түбүгэ саҕаланар. Тыаска-ууска номнуо үөрэммит үлэһиттэр түргэн-түргэнник 100-тэн тахса ынаҕы ыыллар. Уопсайа 341 төбө баар, ньирэйдэрэ атын сайылыкка тураллар, онно туһунан ньирэй көрөөччү үлэһиттээхтэр.
Оттон бостуук Хабырыылла күнэ сарсыарда 4 чаастан саҕаланар, мэччирэҥ олох суох буолан, ынахтар ыраах баран хаалаллар. Онон сүөһүнү кэмигэр кэлэрэ, барара - бостуук эппиэтинэстээх үлэтэ.
Гаврил Михайлов, "Эмис соболоох" хаһаайыстыба бостууга: «Быйыл кураан буолан ырааталлар. Бөлүүн эрэ кыратык ардах түстэ уонна быйыл олох түспэтэ».
Сайыҥҥы кэмҥэ 800-тэн тахса сэнтиниэр, саамай элбээбитэ туоннаттан тахса үүтү биир күҥҥэ ыан туттараллар. Хаҥалас улууһа бэйэ аһын оҥорон таһаарар кээпэрэтиибэр күннэтэ ыаныллыбыт үүттэрин туттаран иһэллэр.
Сунтаар улууһуттан сылдьар Альберт Бабкин 7-с ыйын кэлэн Булгунньахтаахха үлэлии сылдьар. Хотон үлэтин туһунан санаатын иһитиннэрдэ.
Альберт Бабкин, "Эмис соболоох" хаһаайыстыба үлэһитэ: «Хотон үлэтэ ыарахан буоллаҕа, ынах хаһан да өрөөбөт. Онон тулуурдаах эрэ киһи үлэлиэн наада».
Быйыл 300-тэн тахса төбөлөөх хаһаайыстыба тиэхиньикэ ылан окко хойуут киирдэ. Билиҥҥи туругунан 120 туонна оттоохтор. Былырыын 661 туонна оту булан, кыстыктарын этэҥҥэ туораабыттара, оттон быйыл от үүнүүтэ үчүгэй эрээри кылгас буолан, кэккэ кыһалҕаны үөскэттэ. От үлэтин кэннэ хаһаайыстыба салайааччытын атын улахан үлэ күүтэр, бу туһунан Акулина Львова кэпсээтэ.
Акулина Львова, "Эмис соболоох" хаһаайыстыба салайааччыта: «Улуус граныгар киирсэммин оборудование ыллым. Сэтинньи ыйга барыта табылыннаҕына бородууксуйа тахсыа».
Эт оҥорор сыах арылыннаҕына, олохтоох нэһилиэнньэҕэ үлэ миэстэтэ тахсыаҕа уонна биллэн турар, бэйэ аһа ордук сыаналанар буолан, Булгунньахтаах олохтоохторо долгуйа күүтэллэр.
Үлэһиттэр үксэ саастаах дьон, бу хаһаайыстыба тэриллиэҕиттэн ыла үлэлииллэр. Ыччат хаһаайыстыбаҕа ылсыыта мөлтөх. Үксүн сайынын үлэлээн баран, кыһыҥҥы үлэ саҕаланыыта баран хаалаллар. Бу хаһаайыстыбалаах дьон уопсай кыһалҕалара буолар.
Лидия Данилова, "Эмис соболоох" хаһаайыстыба үлэһитэ: «Кыһыҥҥы үлэ барыта илии буоллаҕа. Оппутун маспытын барытын илииннэн».
Эмис соболоох хаһаайыстыба хотоно өрөмүөннэннэҕинэ, быйыл 50 төбөнү туттуохтара, онтон хаалбытын кыстатыахтара. Улуус уонна өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбаҕа салаата өйүүр буолан, үүнэр-сайдар. Үлэһиттэригэр усулуобуйаны тупсараары Акулина Егоровна элбэх граҥҥа кыттар санаалаах.