Саха сиригэр чааһынай дьиэлэри тутуу ньымалара күннэтэ сайдаллар

79

Маһы кыһан боростуой буруустан кырыыламмыт ол эбэтэр профилированнай бурууһу оҥорон таһаарар станок тыаһа лиҥкиниир. Саха сиригэр сайдар кэскиллээх тутуу матырыйаала дьон-сэргэ биһирэбилин ылан билигин элбэх тэрилтэ бу курдук буруустары оҥорон таһаарар. Номнуо дьиэ туттан киирбит дьон этэринэн боростуой мастан оҥоһуллубут дьиэтээҕэр баһыйар өрүтэ элбэх.

Профилированнай бурууһунан дьиэ кэмпилиэктэрин бэлэмнииллэр. Холобур бу көстөр дьиэ тутуллуон инниттэн иһин-таһын, үрдүн-аннын барытын суоттууллар. Оччоҕуна хас биирдии мас анал миэстэлээх буолар уонна тутааччылар элбэҕи быһа, быраҕа, саҥаны айа барбакка конструктор курдук хомуйаллар эрэ. Онон тутуу үлэтэ арыый да судургу буолар уонна болдьоҕо түргэтиир.  

Михаил Лавров, технолог: «Бы бырайыак көмпүүтэргэ оҥоһуллар, бырагыраамаҕа. Раскройун оҥороммут биһиэхэ бөх тахсыыта 6%, ыраас үлэ диэн буолар».

Бу курдук аныгы технологиялар олоххо киириилэрэ статитсиканы тупсарар. Ол курдук, кэнники сылларга Саха сирэ Уһук Илин уокурук үрдүнэн чааһынай дьиэ тутуутун ахсааныгар биир бастыҥ көрдөрүүлээх. Бу туһунан СӨ тутуу миниистирэ Виктор Романов “Сахам сирин сарсыардата” биэриигэ сиһилии кэпсээн турар.

Виктор Романов, СӨ тутууга миниистирэ: «390 тыһ. чааһынай дьиэ киирэн турар. Ити дьиэлэр киирэллэригэр Уһук Илин ипотеката сүрүн үлэни көрдөрдө уонна дьиэ кэргэн ипотеката үлэҕэ киирбитэ. Бу барыта киирэн чааһынай дьиэ тутуута үрдүк таһымҥа таҕыста».

Профилированнай буруустан дьиэни туттуу тэтимэ түргэн буолан олох араас күчүмэҕэйдэригэр түбэспит дьоҥҥо-сэргэҕэ күүс-көмө буолуон сөп.  Холобур быйыл сааскы халаан уутугар Нам уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар дьиэлэрин ууга былдьаппыт дьоҥҥо-сэргэҕэ бу ньыма көмөтүнэн тутар тоҕоостоох буолуо этэ диэн кэпсэтиилэр бара тураллар.

Марианна Соловьева, Тутуу министиэристибэтин тутууга уонна олох-дьаһах департаменын салайааччытын солбуйааччы: «Тутуу министиэристибэтэ ууга дьиэлэрин сүтэрбит ыаллар түргэнник кыстык кэмэ кэлэ илигинэ дьиэ туттан киирэллэригэр бэлэм туттар кэмпилиэктэр сөптөөх буолуохтара диэммит үлэлэһэ сылдьабыт».

Дьиэ тутуутугар аныгы үйэ ирдэбиллэригэр эппиэттир саҥа ньыма ахсаана күннэтэ элбии турар. Ол да иһин тутуллар дьиэ ахсаана эрэ буолбакка, тас көстүүгэ эмиэ улахан болҕомто ууруллар. Бу барыта салаа сайдыытыгар ууруллар болҕомтоттон быһаччы тутулуктаах.