Саха сирин Идэҕэ урутаан үөрэтэр киинэ босхо үөрэх куурустарын ыытар
Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан төрүттээх, билигин Дьокуускай олохтооҕо Аграфена Егорова үйэтин тухары суот-учуот, сыыппара аргыстаах бухгалтерынан үлэлээбитэ. Онтон бу кэнники сылларга идэтин уларытан иистэнньэҥ буоларга сананан босхо үөрэтэр куурус баарын социальнай ситим нөҥүө билэн суруттарыбыт. Өссө ааспыт сылтан уочараттаан кууруска киирсэн билигин хаһыс да күнүн иис үөрүйэхтэрин баһылыы сылдьар.
Аграфена Егорова, иистэнньэҥ кууруһугар үөрэнээччи: «Иистэниэххэ наада буоллаҕа, дьоннорбор таҥас тигээри диэн. Бастаан чэпчэки буолуо дии санаабытым, ыарахан эбит».
Аграфена ый кэриҥэ үөрэнэн саҥа идэ ылан салгыы үлэлиир соруктаах, үөрүйэҕин сайыннарарга, уопут ыларга элбэхтик иистэниэхпин наада диэн этэр. Аграфена курдук билигин иискэ уопсайа уонтан тахса киһи үөрэнэ сылдьар. Кинилэр бары өрөспүүбүлүкэтээҕи урутаан үөрэтэр киин нөҥүө “Содействие занятости” диэн бэдэрээлинэй бырайыак чэрчитинэн босхо үөрэх кууруһун ааһаллар. Бу бырайыак көмөтүнэн саҥа идэни баһылыахха биитэр квалификацияны үрдэтиэххэ сөп.
Ирина Сарта, иис үөрэҕин тэрийээччи: «Билигин кууруспутугар 12 үөрэнээччи баар. Үөрэтэр бырагыраамабыт – “швея III разряда” диэн ааттанар. Ол бырагыраама быһыытынан 3 таҥас тигиэхтээхпит».
Бүгүҥҥү күҥҥэ Идэҕэ урутаан үөрэтэр киин “Содействие занятости” бырайыагынан иистэнньэҥи таһынан парикмахер, мобильнай видеограф, флорист идэтигэр үөрэнэр кыах баар. Бүгүҥҥү күҥҥэ бу бырагыраамаларынан уопсайа 34 киһи куурус ааһа сылдьар. Маныаха босхо үөрэххэ ылбыт киһи бары хабыллыбат. Чуолаан үлэтэ суохтарынан учуокка турааччылар, оҕолорунан декрекка олорор ийэлэр, 50 аҕа саастаахтар, сэттэ саастарын ситэ илик оҕолоох үлэлээбэккэ олорор ийэлэр, инбэлиитинэстээх дьон, ону тэҥэ 35-гэр диэри саастаах орто эбэтэр үрдүк үөрэҕэ суох ыччат бу бырагыраамаларга хабыллан босхо үөрэниэн сөп. Ону тэҥэ билигин өссө эбии идэлэргэ үөрэнэргэ бөлөхтөргө сайаапкалары хомуйуу барар турар.
Саина Ковлекова, СӨ урутаан үөрэтэр киин үөрэх бырайыактарыгар дирекциятын кылаабынай исписэлииһэ: «Бу күһүн саҕаланаары турар бырагыраамаларга сайаапкалыра хомуйуу буола турар. Сотору кэминэн саҥа бырагыраамалар баар буолуохтара».
Бэлиэтэн эттэххэ, иистэнньэҥ идэтигэр босхо үөрэтии улуустарынан эмиэ ыытыллыаҕа. Ол курдук сотору кэминэн Покровскайга, Чурапчыга уонна Сунтаар улуустарыгар үөрэҕи ыытыахтара. Биирдии куурустар болдьохторо ханнык идэтиттэн көрөн араас. Киин Саха сиригэр үөрэх кыһаларын, оскуолалары, тэрилтэлэри кытта ыкса ситимнээх үлэни тэрийэр. Онон Идэҕэ урутаан үөрэтэр кииҥҥэ үлэтэ суох киһиттэн саҕалаан, инбэлиитинэстээх биитэр пенсионер кытта кэлэн үөрэх ылар кыахтаах. Сиһилии информацияны Киин сайтыттан, биитэр социальнай ситимҥэ баар страницаларыттан билсиэххэ сөп.