Хатас нэһилиэгин "Төрүт ас" түмсүүтэ саха аһын астыыр маастар-кылаас тэрийэр
Хаһаайкалар сымнаҕас илиилэринэн тиэстэ мэһийэллэр. Уопуттаах асчыт сүбэлэрин истэ-истэ кичэйэн үтүктэллэр.
Маастар-кылааска кыттыыны ыла кэлбит дьон-сэргэ олус туһалаах диэн бэлиэтииллэр. Төһө даҕаны күнүн ахсын ас арааһын оҕолоругар, сиэннэригэр астыылларын үрдүнэн билии ханатар баҕалаах ахсаана үгүс.
Елизавета Филиппова, маастар кылаас кыттыылааҕа: «Дьоннорбун сахалыы аһынан аһатыам диэн үөрэн турабын. Кинилэр доруобуйаларыгар, төрүт үгэстэрин билэллэригэр олус наадалаах дии саныыбын».
Хатастааҕы "Тускул" култуура киинин "Төрүт ас" түмсүүтэ үһүс сылын айымньылаах үлэтин ыытар. Саха киһитигэр төрөөбүт аһа ордук иҥэр, амтана даҕаны минньигэс диэн санааҕа сиэттэрэн бу маастар-кылаас курдук араас хабааннаах тэрээһиннэри ыытар.
Наталья Руфова, Хатас нэһилиэгин "Тускул" култуура киинин түмсүүлэрин салайааччыта: «Түмсүү суолтата сүрдээх дириҥ. Тэнийэрин туһугар кыһаллан үлэлиибит».
Александра Мокрощупова Хатас орто оскуолатын учуутала. Аан маҥнай оскуола оҕолорун астыырга үөрэппит-такайбыт эбит буоллаҕына билигин номнуо уопуттаах хаһаайкалары, ийэлэри, эбээлэри маастар-кылаас ыытан үөрэтэр. Саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала этэринэн төрүт ас тылга, култуураҕа сыстарга сүдү күүс буолар.
Александра Мокрощупова, маастар: «Астыыр кэммитигэр мээнэ кэпсэппэпит. Өс-хоһооннору, номохтору үөрэтэбит, уопут атастаһабыт».
Анна Копырина ытык сынньалаҥҥа тахсан баран Хатас нэһилиэгэр ыытыллар биир даҕаны тэрээһини көтүппэккэ көхтөөх кыттыыны ылар. Бу курдук саха төрүт аһын көҕүлүүр, хаһаайкалары астыырга үөрэтэр кэскиллээх суол диэн бэлиэтиир. Ытык кырдьаҕас этэринэн оҕо эрдэҕиттэн саха төрүт аһыннан аһаан-сиэн билигин 84 сааһыгар, дьиэ муннуктарын маныы олорбокко, сүүрэ көтө, нэһилиэк олоҕор-даһаҕар көхтөөх кыттыыны ылар.
Анна Копырина, маастар кылаас кыттыылааҕа: «Инникитин маастар-кылаастары ыытыахха сөп. Элбэх киһини хабан, төрүт астарбытын сиэн доруобуйабыт тупсара чуолкай».
Алгыстаах саламаат оргуйан, арыытын таһааран бэлэм буола оҕуста. Ол кэнниттэн өр күүттэрбэккэ лэппиэскэлэр эмиэ ситэ буһан оһохтон таҕыстылар. Асчыттар сыралаах үлэлэрин түмүктэрин көрөн үөрүүлэрэ үгүс, ытыс дохсун тыаһынан минньигэс уонна иҥэмтиэлээх астарын уруйдууллар.
Маастар-кылааска сорох хаһаайкалар саламааты уонна сахалыы лэппиэскэни маҥнайгыларын буһардылар. Онон тутатына итиилии амсайбытынан бараллар уонна сыаналыыллар. Биһиги устар бөлөхпүтүн эмиэ күндүлээтилэр.
Бу курдук маастар-кылаастары, араас тэрээһиннэри "Тускул" култуура киинин "Төрүт ас" түмсүүтэ тиһигин быспакка куруук ыытар. Саха төрүт аһын астыырга үөрэниҥ, аскыт иҥэмтиэлээх буоллун, чөл сылдьыҥ диэн асчыттар алгыс тылларын тиэрдэллэр.