Ардаҕы ыҥырар зондировщик сөмөлүөттэр үлэлэрэ күүһүрдэ
Ойуур баһаардарын буруота ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрбитинэн 60 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа бэлиэтэнэр. Салгын боруобатын ылан чинчийии түмүгэр куһаҕан эттиктэр нуорманы куоһарбыттар. Ордук уустук балаһыанньа Горнай улууһугар бэлиэтэнэр, ол курдук улууска 5 тыһ. га иэннээх сиргэ 5 баһаар баара биллэр.
Никита Андреев, Горнай улууһун баһылыга: «Манна 135 киһи уонна 18 тиэхиньикэ үлэлиир. Олохтоохтортон уопсайа 49 киһи үлэлии сылдьар. Биһиэхэ Таатта, Амма, Нам улуустарыттан уонна Дьокуускай куорат лесопожарнай бөлөхтөрө уонна баҕа өттүнэн кэлбиттэр үлэлии сылдьаллар».
Уопсайа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн баһаары бохсууга 1800-тэн тахса киһи үлэлиир, 200-чэкэ тиэхиникэ көмөлөһөр. Ааспыт сууккаҕа ЯК-40 ардаҕы ыҥырар сөмөлүөт Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Өлүөхүмэ, Алдан уонна Хаҥалас улуустарыгар үлэлээтэ. Уонна "Полярные авиалинии" АН-26 сөмөлүөтэ Дьааҥы улууһугар ардаҕы ыҥырыыга көппүтэ. Онон бүгүн, от ыйын 30 күнүгэр, Саха сиринээҕи күнү-дьылы көрөр сулууспа иһитиннэрбитинэн Горнай, Хаҥалас, Мэҥэ-Хаҥалас, Нам, Амма, Уус Алдан, Чурапчы, Таатта, Томпо улуустарыгар уонна киин куоракка сөҥүү түһэрэ күүтүллэр.
Дьокуускай куоракка Ил Дархан Айсен Николаев салайыытынан ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр уонна баһаартан куттал суоһаабатын хааччыйар хамыыһыйа мунньаҕа ыытылынна. Манна бу күннэргэ түһүөхтээх ардахтары туһанан ойуур баһаарын ахсаанын уонна иэнин аччатарга бары күүһү уурарга сорудахтаатылар. Зондировщик сөмөлүөттэр кыахтарын толору туһанарга модьуйдулар.
Дмитрий Садовников, СӨ Бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы: «Сотору кэмҥэ ардах түһэригэр эрэнэбит. Ил Дархан мунньахха бэлиэтээн эттэ, ардахтар күүскэ барбыт оройуоннарыгар баһаардары ситэри умуорарга уонна кэлэр ыйга бу ыйдааҕар этэҥҥэ ааһарыгар».
Ол эрэн атырдьах ыйа өрөспүүбүлүкэ үгүс улууһугар куйаас, сөҥүүтэ суох буолара күүтүллэр. Ардахтар нуорматтан кыра буолаллара сэрэйиллэр. Күннэтэ ойуур баһаардарын кэтииргэ 18 сөмөлүөт үлэлиир кыахтаах уонна уоту умулларыыга 11 бөртөлүөт күннэтэ үлэлиир.
Дмитрий Садовников, СӨ Бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы: «Баһаар кэмигэр 800-тэн тахса баһаар буолла, ааспыт болуоссата 2,5 мөл. га элбэх буолан турар. Билигин 133 баһаар баара бэлиэтэнэр, бу баһаардар 1 мөл. га тахса сиргэ буола турар».
Өрөспүүбүлүкэҕэ баһаардар туруктара бу күннэргэ түһэр ардахтартан улахан оруоллаах. Онон уоту бохсууга айылҕа күүһэ баһаары умулларааччыларга төһүү күүс буолуоҕа.