Ярославскай аатынан түмэл анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан аанын арыйар
От ыйын 25 күнүттэн саҕалаан "Түмэл нэдиэлэтэ" саҕаланна. Өрөспүүбүлүкэбит бары түмэллэрэ бу аахсыйаҕа кыттыһан араас таһымнаах тэрээһиннэри тэрийэр. Ол курдук, Е. Ярославскай аатынан саха түмэлэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан аанын арыйар. Сиһилии бу туһунан методист Мария Пестрякова билиһиннэрдэ.