Саха сиригэр матасыыкылынан хатааһылыыр сынньалаҥ сайдан эрэр
Саха сиригэр дьон сэҥээриитин ылан эрэр сынньалаҥ көрүҥэ - мотоспорт. Киин куоракка дьон-сэргэ бириэмэтин табыгастаахтык атаарарыгар, тиэхиньикэҕэ сыстарыгар күүс-көмө буолар тимир көлөлөрү мииннэрэр кииннэр үлэлииллэр. Манна куттала суох буолуу ирдэбиллэрэ толору тутуһуллаллар. Онон киһи улаханнык куттаммака бэйэтин икки көлүөһэлээх көлөҕө холонон көрүөн сөп.
Кэлбит дьону-сэргэни матасыыкыл диэн баран муннукка ытаабыт, көлөлөрү биэс тарбахтарын курдук билэр инструктордар иилээн-саҕалаан үөрэтэллэр. Вячеслав Борисов оҕо эрдэҕиттэн тиэхиньикэҕэ интэриэстээх буолан бу спорт көрүҥэр холкутук киирбит. Билигин номнуо хатааһылыы кэлэр дьону үөрэтэр-такайар. Инструктор этэринэн, мотоцикл ыытарга быраап ылаары сылдьар дьоннор кэлэн үөрэнэллэригэр олус табыгастаах.
Вячеслав Борисов, инструктор: «Эдэр да, саастаах да буолуҥ, барыгытын күүтэбит. Кэлэн хатааһылыаххытын сөп, үөрэтиэхпит. Манна үөрэнэн баран салгыы автошкола барыаххытын сөп».
Инструктор идэлээхтэр бэлиэтииллэринэн, киһи биирдэ холонон холкутук ыытарга үөрэнэр. Ол эрэн хас биирдии киһи дьулууруттан, үөрэнэр баҕатыттан тутулуктаах. Ылбыт эрэ сатыыр кыахтаах. Аҕыйах мүнүүтэ буолла да түргэн сырыыны тутуспутунан бараллар.
Сынньана кэлбит дьон тута сэрэхтээх буолуу үөрүйэхтэрин истэн, илии баттаан, салгыы анал харыстыыр таҥастары кэтэллэр. Бу манна төбөҕүттэн саҕалаан атаххар тиийэ босхо таҥас бэриллэр. Барыта уурбут-туппут курдук эккэр-сииҥҥэр олордоҕуна айанныыр көлөҕүн талаҥҥын олорбутунан бараҕын. Хас кэлбит дьон куттанар, сэрэҕэчийэр, тугу эрэ саҥаны күүтэр.
Мотоспорт көрүҥэ Сахабыт сиригэр аҕыйах сылтан бэттэх үөдүйэн, сайда сатыы сылдьар саҥа көрүҥ буолар. Онон дьарыктанааччы да, сэҥээрээччи да ахсаана аҕыйах. Инникитин кэскиллээх дьыала туһугар үлэлии сылдьар дьон сайдыы туһугар бары күүһүү уураллар.
Сергей Михай, инструктор: «Приходит очень мало народу, все неопытные в основном. И очень мало мотоциклов у нас в республике. Хочется, чтобы их было больше, больше опытных людей».
Биллэн турар хайа баҕар көлөҕө киһи бэйэтин сэрэхтээхтик туттуохтаах-хаптыахтаах уонна суолга-иискэ тахсарыгар тиэхиньикэтэ анал докумуоннаах, суоппар бэйэтэ эмиэ ыытар бырааптаах буолуохтаах. Онтон бу курдук көлө арендалаан хатааһылыыр сирдэр уопут иҥэринэргэ кыах, матасыыкыл суоппара буолуоҕун баҕалаахтарга эрдэттэн сатабылы биэрэллэр, сайыҥҥы сынньалаҥ биир чаҕылхай түгэнин бэлэхтииллэр.