83 саастаах Чурапчы улууһун олохтооҕо Арассыыйатааҕы бэтэрээннэргэ ыытыллыбыт чэпчэки атлетика күрэҕэр бастаата
Арассыыйа саҥа чөмпүйүөнүн нэһилиэк баһылыга порка көрүстэ. Олоҕун спорка анаабыт ытык кырдьаҕас 83-с сааһыгар сылдьан биир да күрэҕи көтүппэккэ, куруук бастыҥ ситиһиилээх эргиллэн кэлэр.
Үөрүү-көтүү аргыстаах дойдутугар Кытаанаҕар баран, дьарыгын номнуо саҕалаата. Чурапчы буоларын быһыытынан кыра оҕо эрдэҕиттэн дойду бастыҥ тренеригэр Дмитрий Куоркуҥҥа уонна Николай Барахсановка дьарыктанан күн бүгүҥҥэ диэри спорду олоҕун аргыһа оҥостор. Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ хайыһардьыта, кинини билбэт спортсмен Саха сиригэр суох - бу туһунан истиэнэҕэ ыйанан турар, киһи ааҕан сиппэт элбэх, ситиһиитэ кэрэһэлиир.
Николай Захаров, чэпчэки атлетикаҕа Арассыыйа чөмпүйүөнэ: «Чэпчэки атлетикаҕа 100-кэ, 200-кэ эккиэннэригэр иккис буоллум. Онтон 400-кэ бастаабыт киһи диэбит курдук санаа киирэн халыҥмытынан кыайсан таҕыстыбыт. 400-кэ Арассыыйа чөмпүйүөнэ буоллум».
20-25 киилэни чэпчэкитик ылан анньар. Бэйэтин ыйааһынынан тардынар, өссө эбиитин уһуну ыстанар. Күн аайы оҥорор дьарыгыттан биһиэхэ быһа тардан көрдөрдө.
Николай Захаров билигин даҕаны синньигэс бэрэбинэ үрдүнэн сүүрэ сылдьар, манна киһиэхэ эт-сиин эрэ кыаҕа буолбакка, өссө эбии булугас өй наада. Николай Захаров 30 сыл култуураҕа бэриниилээхтик үлэлээбит буолан, куруук ырыа-тойук, үчүгэй настырыанньа аргыстаах. Нэһилиэгэ ытык кырдьаҕаһы олус өйүүр уонна ытыктыыр. Олоҕун тухары хайыһарынан дьарыктаммыт буолан, икки сыллааҕыта биэрбит бэлэхтэрин дьиэтин муннугар харыстаан ууран туруорар.
Биллэн турар талааннаах дьон ситиһиилэригэр өйүүр-өйдүүр дьиэ кэргэн кынаттыыр. Кэргэнинээн Мария Дмитриевналыын холбоһон олорбуттара быйыл 58-с сыллара. Оҕолоро бэлиэтииллэринэн, аҕаларын ситиһиитэ - ийэлэрин сүҥкэн кылаата буолар.
Мария Захарова, Кытаанах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо: «Кэннэки сырыытыгар барарыгар дэлби ыалдьан сэниэтэ суох хаалбытым. Санааҕын түһэримэ, баҕаҕын ситис диэммин ыыппытым. Төһөлөөх спорка дьарыктаммыта онтукатын көрдөрдө, ситистэ дии саныыбын».
Ыччакка үтүө холобур. Кини туйаҕын хатарар ыччаттара өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр дьон тахсан эрэллэр. Эргиччи талааннаах, дэгиттэр Николай туһунан нэһилиэк саамай аҕам саастаах кырдьаҕаһа Матрёна Леонтьева кэпсиир.
Матрёна Леонтьева, СӨ бочуоттаах кырдьаҕаһа: «Мин оскуолаҕа учууталлыыр эрдэхпинэ кини интернакка сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Ол кэмигэр оҕолор астара-таҥастара, олорор усулуобуйалара наһаа үчүгэй этэ. Ханна ди үлэлээбитэ мэлдьи бастыҥ үлэһит».
Спорка олоҕун анаабыт Николай Захаров этэҥҥэ сылдьан, өссө да элбэх күрэхтэһиигэ кыттар баҕа санаалаах.