Саха сиригэр Аан дойдутааҕы сайыҥҥы килиимэт чинчийэр оскуола ыытыллар

79

Екатерина Капица Санкт Петербурдааҕы судаарыстыбаннай лесотехническай университет үлэһитэ Саха сиригэр ыытыллар учуонайдарга аналлаах сайыҥҥы оскуоланы сэргээн быйыл кыттыыны ыла сылдьар. Билии ханаттарга, уопут үллэстэргэ бэрт табыгастаах тэрээһин диэн сэһэргээтэ

Екатерина Капица, СПбГЛТУ уопсай экология, анатомия уонна физиология кафедратын сэбиэдиссэйэ: «С газовым обменом и потоками углекислого газа из почвы мы начали заниматься совсем недавно, буквально пару лет назад. В процессе летней школы уточняются, корректируются для того, чтобы наши методики полностью совпадали и данные были сопоставимы между собой».

Учуонайдар бэлиэтииллэринэн, бүтүн аан дойду клиимэтэ кэнники кэмҥэ уларыйа, хамсыы турар. Билигин биһиги планетабыт күн көрөрүттэн хаһан даҕаны түргэнник итийбэтэҕин курдук итийэр. Салгын наһаа сылааһа сотору кэминэн күн-дьыл, айылҕа туругугар араас содуллары үөскэтиэҕин сөп. Онон парниковай гааһы чинчийии билигин улахан болҕомтоҕо туруохтаах диэн тустаах үлэһиттэр бэлиэтииллэр.

Трофим Максимов, СӨ научнай-чинчийэр киин генеральнай директорын солбуйааччы, биологическай наука дуоктара: «Парниковай гаас элбээбитин киһи барыта билэр, халлаан сылыйыыта. Учуонайдар критическай моменнарын хаһан буолалларын эрдэттэн быһааран, ону тохтоторго үлэлэрин ыыта тураллар».

"Спасская падь" научнай станция туох баар аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир парниковай гаастары чинчийэр тэриллэрдээх. Ол курдук 3 микрометеорологическай уонна 3 экофизиологичскай вышкалар күн өрөбүлэ суох үлэлииллэр. Ойуур уопсай таһаарар гаастарын үөрэтэргэ туһааннаах вышкаҕа биһиги устар бөлөхпүт тахсан көрдө, үлэтин кытта билистэ.

Вышка көмөтүнэн ойуур бүтүннүү үүнээйилиин, сирдиин-буордуун таһаарар гаастарын кээмэйдиир эбит буоллахтарына, үүнээйини биирдиилээн талан көрөр-истэр аппарааттар эмиэ туттуллаллар. Биология институутун чинчийэр инженерэ бу прибор хайдах быһыылаах үлэлиирин кэпсээтэ.

Айаал Максимов, биология институтун чинчийээччи-инженерэ: «Фотосинтэһи мээрэйдииргэ туттабыт. Салгын киирэн тахсар, ол тахсар салгын уратытын ааҕан таһаарар».

Сайыҥҥы оскуолаҕа кыттыыны ыла кэлбит учуонайдар этэллэринэн, бэйэлэрин эйгэлэригэр быһаарсар дьон үөрэтэр буоланнар олус интэриэһинэй уонна өйдөнүмтүө диэн махтана саныллаар. Эгология араас хайысхаларыгар үлэлиир исписэлиистэр мустубуттара олус кэрэхсэбиллээх диэн сэһэргииллэр.

Ирина Киселёва, УрФУ экспериментальнай биология уонна биотехнология кафедратын сэбиэдиссэйэ: «Я очень довольна, что приехала в эту школу и имею такую возможность пообщаться с коллегами из разных смежных областей науки. Я сам биолог, мы здесь взаимодействуем с почвоведами, физиками-атмосферщиками. Поэтому это очень здорово».

Халлаан күүскэ сылыйыытыгар парниковай гаастар тахсаллар. Бу гаастары чинчийэн, кэтээн көрөр сыаллаах сайыҥҥы оскуола "РИТМ углерода" диэн консорциум өйөбүлүнэн ыытылла турар.