Марха бөһүөлэгэр кадеттар саҥа оскуола-интернаттара тутулла турар

61

Марха бөһүөлэгэр иккис сылын Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуола-интернаттарын саҥа дьиэтэ тутулла турар. Үс этээстээх, интернатын кытта тэҥҥэ 6500 м2 иэннээх оскуолаҕа билигин бүтэһик бэлэмнэнии үлэлэрэ бараллар.

Ол курдук тутуу 98% бэлэм. Бүгүҥҥү күҥҥэ чуолаан тутуу үлэлэрэ ис өттүгэр үмүрүйэн тустаах биригээдэ миэбэл таҥыытыгар сылдьар. Биригээдэ үлэһитэ Петр Шишигин аҕыйах хонугунан барытын бүтэриэхтээхпит диэн этэр.

Пётр Шишигин, миэбэл таҥааччы: «Таас, тимир стеллажтар бааллар. Вешалкалары сиргэ саайабыт, аһыыр сир остуоллара олоппосторо бааллар».

Саҥа тутуу “Үөрэҕирии” национальнай бырайыагынан тутуллар, үбүлээһин кээмэйэ - 600 мөлүйүөн солкуобай. От ыйын бүтүүтэ үөрэнэр куорпуһу үлэҕэ киллэриэхтээхтэр, онтон сыл бүтүүтэ интернат дьиэтэ тутуллан бүтүөхтээх. Бэлиэтээн эттэххэ, саҥа тутуу Уһук Илин үрдүнэн бастакы маннык хабааннаах үөрэх кыһата буолар күүтүллэр.

Николай Баланов, Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуола-интернаттарын дириэктэрин солбуйааччы: «Бырайыакпыт бэдэрээлинэй бырагырааманан киирэн эрэр. Бу сылга бүтэриэхтээхтэр. Интернат өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама киэнэ. Ил Дархан бэйэтэ кэлэн бэрэбиэркэлээн барбыта».

Тас өттүгэр территорияҕа оскуола байыаннай плацтаах, стадионнаах, мэһэйдээх балаһалаах буолар. Онон манна кадеттар аһаҕас халлаан анныгар эт-хаан өттүнэн сайдалларыгар бары усулуобуйа тэриллиэҕэ. Сүрүн болҕомто байыаннай-спортивнай бэлэмнэниигэ ууруллунна. Билигин эбийиэккэ 40-тан тахса киһи үлэлии сылдьар. Үөрэнэр куорпус 200 миэстэлээх.

Интернат бастакы этээһигэр куруһуоктары ыытар, сыньанар хостор, душ, интернеттаах уруок ааҕар хостор баар буолуохтара. Саҥа оскуолаҕа кадеттар уруоктарын кэннэ успордунан дьарыктаныахтара, ытарга үөрэниэхтэрэ, противогаһынан туһанары, квадрокоптеры ыытары баһылыахтара. Оттон сайыҥҥы өттүгэр үөрэнэр-полевой сбордары ыытыахтара.

Николай Дьяконов, Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуола-интернаттарын дириэктэрин солбуйааччы: «Тутуу буола илигин 140 оҕо этэ. Билигин 200 оҕоҕо дылы элбиэхтээх. Ону таһынан эбии үөрэх курдук буолар».

Онон бүтэһик бэлэмнэнии үлэлэрэ сотору кэминэн түмүктэниэхтэрэ. Оскуола олбуоругар сквер мастарын, сынньалаҥ ыскамыайкалары урукку үөрэнээччилэр:-выпускниктар  бэйэлэрин күүстэринэн оҥорон, олордон, бэйэлэрин кылааттарын киллэриэхтэрэ.